ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суоһур

туохтуур

Нууччалыы сердиться, гневаться, злиться на кого-л., злобствовать

1 туохтуур #

Суостаахтык, кимиэхэ-туохха эмэ киҥнэммит, кыыһырбыт курдук тутун

Нууччалыы Сердиться, гневаться, злиться на кого-л., злобствовать

  • Быыбарынай киирэр, суоһурбут киһи быһыытынан бэргэһэтин устан дьиэ ортотугар турар.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Били айылаах суоһуран кэлэн иһэр киһи тоҕо эрэ тохтуу түспүтэ.
    Н. Заболоцкай
  • [Чучунаа] уорастыйа суоһурбут дьулаан ньуура өссө да дьайҕарбатах этэ
    ХС

2 туохтуур #

Суостаах, киһи дьулайа көрөр көрүҥнэн

Нууччалыы Иметь грозный, устрашающий, внушающий страх вид

  • Өлүөнэ үтүмэн үйэлээх мырааннара күнүскүтээҕэр ордук суоһура харааран, үрдээн көстөллөр.
    И. Гоголев
  • Арай онтон-мантан кубарыспыт баҕаналар, киирбит киһини атыҥыраабыт курдук, суоһуран тураллар.
    Н. Заболоцкай
  • Туолбут ый былыкка састаҕына, Эбэ быраан өссө үрдээбиккэ дылы суоһуран көстөр
    Ойуку

«С» буукуба