ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тымыт

туохтуур

Нууччалыы сердиться, злиться, раздражаться из-за пустяка

1 туохтуур #

Кыраттан сэтэрэн кыыһыр, кыйахан, сирбиэтэн

Нууччалыы Сердиться, злиться, раздражаться из-за пустяка

  • Кыра аайыттан Кыыһыран тымтан барар; Утаабакка уора ааһан, Оонньоон-күлэн турар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Атаков] хаһан да быстахха, кыраҕа тымта сылдьыбат, дьоһуннаах майгылаах, лоп-бааччы үлэ киһитэ.
    А. Сыромятникова
  • Евдокия Прокопьевна ураты эйэҕэс, истиҥ сүрэхтээх ийэ. Дьиэтигэр-уотугар кыыһыра-тымта сылдьарын хаһан да көрбөккүн
    ЧКС ЫаЫЫ

2 туохтуур #

Сэтэрээн туран, олус күүскэ тымный (халлааны этэргэ)

Нууччалыы Похолодать (о погоде)

  • Тымтан түһэн дьыбара сүрдээх – сүүрбэ биэс кыраадыс тымныы. НВ БК. Бачча халлаан тымтан турдаҕына ыҥыыр акка тымныы бөҕө буолаахтаатаҕа дии.
    ХС
  • Ср. тюрк. там ʽгоретьʼ

«Т» буукуба