Перевод с якутского
тыҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы рассвет, утренняя заря
English dawn
1 аат тыл #
Сарсыарда күн тахсара чугаһыыта халлааҥҥа үөскүүр синньигэс сырдык балаһа
Нууччалыы Рассвет, утренняя заря
Дьэ, доҕоттоор, Тыаһа-имэ суох Тыҥ хатан эрэр, Саҥата-иҥэтэ суох Сарыы халлаан сараан эрэр, Күүгээнэ-майдаана суох Көстө күлүмүрдүү Күөх маҥан халлаан Көҕөрө сырдаан эрэр! Саха нар. ыр. I. Сарпа сулуһунан сабыллыбыт чаҕылхай халлаан соҕуруулуу-илин саҕаҕар тыҥ охсуллар. Амма Аччыгыйа Тыҥмыт хатара, Күммүт тахсара, Тыаҕа, аларга Күнүс буолара – Олус да кэрэ! Күннүк Уурастыырап
2 этии #
Нууччалыы Чуть свет, на рассвете
Этиилэр
Тыҥ хатыыта
сарсыарда халлаан саҥа сырдыыта Сарсыарда тыҥ хатыыта туран айанныахпыт үһү.
Оҕонньор, булчут киһи сиэринэн, уутун-маһын бэлэмнээн баран, тыҥ хатыыта саһылга уурбут хапкаанын көрө барбыта. В. Иванов Ыалдьыт тыҥ хатыыта аһаабыт киһи аччыктаабытын дьэ билэн, килиэп үрдүгэр түспүтэ. Миитэрэй Наумов. ДТС чаҥ, таҥ, тув., тат., уйг. алт., каракалп., казах. таҥ
3 даҕааһын #
Кытаанах, тыыллыгас, имигэс
Нууччалыы Тугой, упругий
Тыҥ дьондо сэппэрээтэр Дыыгыныы олордо. И. Чаҕылҕан Тыҥ айа кылыытын курдук Лыҥкыначчы дьүккүппүт. Д. Говоров Ср. ДТС тыҥ ʽзвучание, звукʼ, алт. тыҥ ʽкрепкий, сильный, мощный, упругийʼ. Ср. ДТС тыҥ ʽзвучание, звукʼ, казах. дыҥ ʽподражание звуку, звону, издаваемому при ударе по струнам домбрыʼ