ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тымыр-сыдьаан

аат тыл

Нууччалыы родство; родня

1 аат тыл #

, кэпс

  • Оттон аҕабытын Дьэкиимкэ бутуйара буолуо, кини соҕотох буолбатах, тымырдаах-сыдьааннаах киһи.
    А. Софронов
  • Тымыр-сыдьаан быһаарбат үйэтэ үөскээн турар.
    Л. Попов
  • [Артыамый:] Эбии күүс-уох тардыстабыт. Улуус аайы тымырбыт-сыдьааммыт баллайар баһаам
    Л. Габышев

2 аат тыл #

Уруулуу буолуу, уруулаһыы; уруу-аймах

Нууччалыы Родство; родня

  • тымыр 2 диэн курдук. Дьэ, мантан ыла Бүөккэ Оччугуй Ботуобуйа тымырдарын-сыдьааннарын кэрийэн, сис тыаларын быһыталаан саһыллыахтаах.
    Н. Якутскай
  • Тоҕус ый тухары тууйа баттаабыт хаар, муус ууллан, уонунан, сүүһүнэн тымыр-сыдьаан буолан лаҥкыначчы ыллыыр.
    Н. Заболоцкай
  • Туруйалаах үрэҕин баһыттан атаҕар диэри, үрэх бары салаатын, хочотун, күөллэрин, бары үрүйэтин-харыйатын, дүөдэтин-аппатын, тымырын-сыдьаанын, кимнээҕэр даҕаны, биэс тарбах курдук билээччи Уйбаанчык Унаарап буоллаҕа дии. "ХС"

«Т» буукуба