ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уруулаһыы

аат тыл

Нууччалыы родство чего-л

1 аат тыл #

Туох эмэ биир төрүттээх буолуута

Нууччалыы Родство чего-л

  • Саха тылыгар хаһан эрэ былыр дьон сааһынан, уруулаһыытынан бөлөхтөрүн бэлиэтииргэ хомуур суолталанар элбэх ахсаан -т сыһыарыыта туттуллар эбит. ПНЕ СТ

2 аат тыл #

Биир төрүттээх буолуу (кыылы-сүөлү, көтөрү, киһиттэн ураты хамсыыр-харамайы этэргэ)

Нууччалыы Быть в родственных отношениях (о животных, птицах, живых существах, кроме человека)

  • Уруулаһыыны таһаарбат наадатыгар, атыырдарын сопхуос атын салааларын уонна атын оройуннар икки ардыларыгар атастаһыыны ыытар. "Кыым". Ити уруулаһыы баарын, өссө, өлөн-сүтэн бараммыт, былыргы көтөрдөрү үөрэтэн билиэххэ сөп. ББЕ З. Ыстаадалар икки ардыларыгар буурдары атастаһыннарбатахха хаан уруулаһыы үөскээн хаалар. А. Кривошапкин (тылб.)

«У» буукуба