ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суһумнаа

туохтуур

Нууччалыы сверкать, мерцать; переливаться разными цветами

1 туохтуур #

Күлүмнээн-дьиримнээн, чаҕылыйан көһүн; араас өҥүнэн оонньоо

Нууччалыы Сверкать, мерцать; переливаться разными цветами

  • Харахпар киэҥ Бүлүүм Суһумнуу, күлүмнүү бытааннык мөлбөйө уһунна.
    П. Тобуруокап
  • Халлаантан күн уот оноҕосторо таҥнары суһумнууллар.
    Суорун Омоллоон
  • Дьүкээбил уота суһумнуу оонньоон мин үөрүүбүн үллэстэргэ дылы
    Н. Абыйчанин

2 туохтуур #

Биир тэҥ субуллан, түргэнник ааһан ис

Нууччалыы Проходить быстро, непрерывно, мелькать, уноситься

  • Бетон суол, сиэрэй лиэнтэ буолан, суһумнуу субулунна.
    Л. Попов
  • Күн-дьыл суһумнуу көтүөҕэ, Бэрт үгүс умнуллуо.
    М. Ефимов
  • Пуойас тиҥийэн-тирбийэн түргэнник суһумнуур
    В. Протодьяконов

3 туохтуур #

Оргууй, сэрэнэн хамсаа, үөмэн чугаһаа

Нууччалыы Двигаться, подкрадываться тихо, осторожно. [Туруйалар] Солко-нуолур хонуубар Суодаҥнаһан эрэллэрин Суһумнаан көрөн баран, Сутаакы дьылбыт Суураллыбыт эбит диэн, Суһуктуйбут ньуурум Сууралынна курдук

  • Куобахха суһумнаан тиийбитин – Куобаҕа атахха биллэрдэ.
    С. Данилов
  • Евгения -- бу чуумпуга уйдарар курдук, оргууй суһумнаан тиийэн, оннугар сытта
    С. Дадаскинов

«С» буукуба