ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөмп

туохтуур

Нууччалыы красться, подкрадываться

1 туохтуур #

Көстүбэт, тыаһаабат буола сатаан сэрэнэн, сыбдыйан хаамп, туохха эмэ чугаһаа

Нууччалыы Красться, подкрадываться

  • Аргыый аҕай талах быыһынан Сэмэнчик үөмэн истэҕинэ, кустара маатырҕаһа-маатырҕаһа көтөн бардылар.
    Н. Неустроев
  • Никита тыаһа суох үөмэн киирэн оронугар сытара.
    Н. Лугинов
  • Көҕөн саҥарар сирин диэки бөкчөйөн үөмэн истим.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Кэри-куру дьиэтигэр соҕотоҕун сыттаҕына, аан сэрэхтээхтик аһылынна, үөмэн үктүүр тыас иһилиннэ
    И. Гоголев

2 туохтуур #

Өрө ыстан, туох эрэ үрдүгэр ыстанан таҕыс

Нууччалыы Прыгать, подпрыгивать, прыжком подняться, вскочить на что-л

  • Уончалаах уол бүдүрүйдэ, тырамбаай үктэлигэр аҥаар атаҕынан тобуктуу түстэ, аҥаар атаҕын тумсунан сиргэ тирэнэн кэбиһэ-кэбиһэ өрүтэ үөмэ сатыы истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Иккис күнүгэр уу эбилиннэр эбиллэн, быһыт иннинээҕи томточчу кутуллубут сырыынньа буор эниэни өрө үөмээри салаамахтаан ылла.
    М. Доҕордуурап
  • Үөрүү киһини көтүтэр Үөмэн тиийбэт үрдүккэ, Үтүө санааны көбүтэр Үргүөргэ үрдэрбэккэ
    С. Тимофеев

«Ү» буукуба