ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыанабыл

аат тыл

Нууччалыы оценка кого-чего-л

1 аат тыл #

Ким-туох эмэ туһунан үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн түмүктээһиннэрдээх бэйэ санаата

Нууччалыы Оценка кого-чего-л

  • Елена Титовна уруогун ырытыыга сыанабыл икки аҥыы хайынна.
    И. Сысолятин
  • Киниэхэ төһө да кыһыйа санаабытын иһин, бу улахан биллиилээх учуонай сыанабылын ылартан Арбатскай аккаастамматаҕа.
    В. Яковлев
  • Суруйааччы олоххо, дьоҥҥо бэйэтин идеалын тэҥнии тутан сыанабыл биэрэр, биһирэбиллээх дьоруой уобараһынан үксүн бэйэтин идеалын көрдөрөр
    ВГМ НСПТ

2 аат тыл #

Уус-уран, научнай, о. д. а. айымньылары сыаналаан, ырытан суруйуу

Нууччалыы Рецензия, отзыв

  • Бастакы рецензия кинигэ сыанабылын барытын быһаарааччы.
    Далан
  • 1930 сылтан ыла сүрүннээн "Ойуун түүлүгэр" олоҕуран, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи литературнай нэһилиэстибэҕэ араас сыанабыллар, туора-маары түһүүлэр тахса сырыттылар. АЕЕ ӨӨ. Сыанабыл биитэр рецензия – литературнай кириитикэ биир көрүҥэ: кинигэҕэ, испэктээккэ, киинэҕэ кылгас сыанабыл биэрэр критическэй суруйуу
    ВГМ НСПТ

«С» буукуба