ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыган

аат тыл

Нууччалыы дети, потомки кровных родственников (напр., дети или внуки родных братьев или сестёр отца или матери по отношению друг к другу: младшие по возрасту называются сыган, а старшие по отношению к младшим – старший брат, дядя, сестра). [Киргиэлэй] сөбүлээбэтэҕинэ, сүөһүгүн-аскын эһэн баран үүрэн кэбиһиэ, хата биһиги сыгаммытыгар Боппоох оҕотугар барбытыҥ буоллар

1 аат тыл #

Хаан аймахтыылар оҕолоро, ыччаттара (хол., ийэни-аҕаны кытта бииргэ төрөөбүт киһи оҕолоро эбэтэр сиэннэрэ бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар сыһыаннара: балыс саастааҕа сыган, оттон аҕа саастаахтара убай, таай, эдьиий буолаллар)

Нууччалыы Дети, потомки кровных родственников (напр., дети или внуки родных братьев или сестёр отца или матери по отношению друг к другу: младшие по возрасту называются сыган, а старшие по отношению к младшим – старший брат, дядя, сестра). [Киргиэлэй] сөбүлээбэтэҕинэ, сүөһүгүн-аскын эһэн баран үүрэн кэбиһиэ, хата биһиги сыгаммытыгар Боппоох оҕотугар барбытыҥ буоллар

  • Ити тыла суох сыганым Натааһа ханна барыай, миэхэ сыстан, -- иккиэн өйөһөн олордохпут бу
    Н. Габышев

2 этии #

Нууччалыы У животных, зверей: мелкая кость между голенью и лодыжкой

Этиилэр

Сыган бэрбээкэй

сүөһүгэ, кыылга: кыыс бэрбээкэйин аннынан сылдьар туспа кыра уҥуох Тарбах уҥуохтарыгар икки суол бэрбээкэй уонна туйах тумуга баар: кинилэртэн үөһээ өттүнээҕилэрэ кыыс бэрбээкэй, ол аллараа өттө сыган бэрбээкэй, саамай анныкылара туйах тумуга буолаллар.

  • СИи
    Т. Ср
  • ДТС чыхан ‘племянник (по женской линии)’, йегэн ‘племянник’

«С» буукуба