Перевод с якутского
бэрбээкэй
аат тыл
Нууччалыы щиколотка, лодыжка. [Микиитэ] охторугар баттыы түстэҕэ буолуо, хаҥас бэрбээкэйэ сытыытык дьаралыйан ыалдьар
1 аат тыл #
Сото уҥуоҕа атах хаптаҕайын кытта холбоһор сирэ - сүһүөҕэ уонна уҥуохтара
Нууччалыы Щиколотка, лодыжка. [Микиитэ] охторугар баттыы түстэҕэ буолуо, хаҥас бэрбээкэйэ сытыытык дьаралыйан ыалдьар
Малардыырап киһитин уҥа атаҕын бэрбээкэйиттэн “лып” гыннара харбаан ылаат, өрө көтөҕөн иһэн иккис атаҕын олуйан утарылаһааччытын олорчу анньар. НЕ ТАО. Таба суурадаһыннаах муохха үктээтэҕинэ, бэрбээкэйин сабар гына хоппуруос суурадаһына кутуллуохтаах СДН ТИиВСНь
2 аат тыл #
Оонньуу көрүҥэ: ынах сүөһү бэрбээкэйин уҥуохтарын кэккэлэччи туруоран баран саамай бөдөҥ бэрбээкэйинэн быраҕыллар; ким таппыт, охторбут сүүйэр (бэрбээкээйдэри ылар)
Нууччалыы Вид детской игры; бабки. [Оҕолор] тааһы хаба тардан ыллылар
Хата, бэрбээкэй быраҕар оҥостуохпут. В. Егоров Кырдьык, хабылык урукку кэмҥэ саха ыалын аайы оонньонуллар буоллаҕына, аны букатын сүттэ, хаамыска ончу да уурайда, бэрбээкэй оонньуута отой да умнулунна. АТП ОАаММӨ. “Нохоо, торбоспут өлүгүн туох кэлэн илдьэ барда?” - диэтэ Чейне, ол курдук араас тааһынан, сүөһү бэрбээкэйинэн оонньуу сылдьар уолугар . Уот ч
3 этии #
Нууччалыы Самое тонкое место голени (человека) над лодыжкой. [Абааһы уонна Кулун Куллустуур] кыыс бэрбээкэйдэринэн бии үлтү туппут дьоннорун, үлтү сынньыллыбыт хамаандаларын хаанын кыллырҕаччы кэһэн иһэллэр
Этиилэр
Бэрбээкэй бүтэй көр бүтэй
Кыыс бэрбээкэй - киһи сототун бэрбээкэй үрдүнээҕи саамай синньиир сирэ ПЭК ОНЛЯ III. Биһиги таас куолайбытын өрө батан, ыраатан истибит. Мас-от улам намтаан, дьэ били “кыра дьахтар кыыс бэрбээкэйигэр” тэҥнэһэрин ааһан, төрүт да мэлийэн хаалла. Н. Заболоцкай Хачыкаат бөҕө эккирэтэн даллаҥалаан эрдэҕинэ, Бойуот утары сыста түһэн иһэн, хаҥас атаҕынан киһини кыыс бэрбээкэйгэ тэбэн кыыратар. Р. Кулаковскай