ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сымнаҕас

даҕааһын

Нууччалыы мягкий

English soft

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

даҕ

  • Нуктуохча буолан, төбөтө сымнаҕас сыттыкка тимирэн эрдэҕинэ таһырдьа туох эрэ тыаһаата. Софр. Данилов. [Оҕонньор] сымнаҕас түү суорҕанынан саптан, этэ-сиинэ кумуччу тардан, оҕо курдук тойтолло сытаахтыыр.
    Н. Лугинов
  • Уҥа диэки утуйар хос аана көстөр, истиэнэҕэ – сымнаҕас дьыбаан, дьыбаан үрдүнэн хартыына.
    С. Ефремов
  • Геннадий Иванович, ыраас көстүүмүн киртитиэм диэн куттаммакка, сымнаҕас окко тиэлийдэ
    И. Данилов

2 даҕааһын #

Имигэһинэн, тыыллымтыатынан, уунумтуотунан киһи кэтэригэр, олороругар, сытарыгар табыгастаах, сөбүлэтэр оҥоһук эбэтэр айылҕа матырыйаала (хол., от, түү, сыттык, орон туһунан)

Нууччалыы Легко поддающийся давлению, сжатию, эластичный, приятный на ощупь, нежный, мягкий (напр., трава, шерсть, подушка, постель)

3 даҕааһын #

Имиллэҕэс, өҕүллэҕэс

Нууччалыы Легко мнущийся, гнущийся, гибкий, мягкий

  • Сымнаҕас самааска. Сымнаҕас боробулуоха.
  • Алтан – сымнаҕас металл, онон алтантан оҥоруллубут туттар сэптэр сотору элэйэллэрэ
    КФП БАаДИ

4 даҕааһын #

Көрсүө, сытыары майгылаах; холку, хадаара суох

Нууччалыы Смирный, незлобивый, кроткий, приветливый

  • Ыстапаан бэйэтэ бэрт көнө, сымнаҕас, туох да эгили-бугулу санаата суох киһи.
    А. Софронов
  • Аҕам эрэйдээх чугастааҕы дьонунуу-сэргэтинии, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи этэ.
    Далан
  • Бу милииссийэ начаалынньыга, баара эрэ сүүрбэччэ саастаах, бэрт намыын, сымнаҕас киһи этэ
    И. Никифоров

5 даҕааһын #

Киҥэ-уора эбэтэр айааһа, хаҥыла суох (үксүн ат туһунан)

Нууччалыы Спокойный, кроткий, смирный (обычно о лошади)

  • Хайаан да үчүгэй сымнаҕас ат булунуом.
    Н. Лугинов
  • Туос кутурук олус сымнаҕас, өйдөөх сылгы этэ.
    И. Федосеев
  • Ханнык да бэйэлээх сымнаҕас сүөһү, көлө, бэл ат оҕустуун өйдөрө-санаалара сайҕанар, туохха да сүгүн кыайтарбат буолаллар
    Н. Заболоцкай

6 даҕааһын #

Истиҥ, эйэҕэс, амарах (тыл, сыһыан туһунан)

Нууччалыы Добрый, ласковый, душевный, полный искреннего дружелюбия (слово, отношение к кому-л.)

  • Киһи сылаас сымнаҕас тылга наадыйар, суох буоллаҕына, киһи сүрэҕэ таастыйар, тыына тымныйар.
    Амма Аччыгыйа
  • Өлөксөйү сымнаҕас, аҕалыы аһыныгас хараҕынан көрүтэлиир
    В. Протодьяконов

7 даҕааһын #

Сылаас, нуһараҥ (күн-дьыл, салгын уо. д. а.)

Нууччалыы Тёплый, мягкий (о климате, погоде и т. п.)

  • Сымнаҕас күн буолла. Сымнаҕас тыал.
  • Кыһын (күһүөрү кыһын) саҥа ый сытыары таҕыстаҕына, игирэ сымнаҕас ый буолар
    ВСС ППУОЯ

8 этии #

Нууччалыы Мягкое золото (о пушнине)

Этиилэр

Сымнаҕас көмүс

түүлээх, күндү түүлээх тириитэ (саарба, саһыл, тииҥ уо.

  • д. а.) Ити кэннэ Аҕа дойду көмүскэлигэр сымнаҕас көмүс суолтата улаханын быһыытынан, быйыл түүлээх былаана биһиэхэ икки төгүл үрдэтиллибит.
    Суорун Омоллоон
  • Сүөһү үчүгэйдик сыл таҕыста, сыаналаах түүлээҕи, Ийэ дойду баайын барҕардар сымнаҕас көмүһү, хото бултаатылар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Сопхуос сымнаҕас көмүһү соҕотуопкалааччылара ордук үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. "Кыым". Ср. ДТС йумшах, алт. дьымжак, каракалп. жумсак, хак. нымзах ‘мягкий’

«С» буукуба