Перевод с якутского
сымсах
даҕааһын
Нууччалыы невкусный, неаппетитный
1 даҕааһын #
Киһи минньигэһиргээбэт амтаннаах, амтана суох
Нууччалыы Невкусный, неаппетитный
Сымсах ас. Тоттоххо сыа да сымсах дииллэрэ кырдьык ДьИэБ
2 даҕааһын #
Киһи санаатын тардыбат, киһи кэрэхсиэн курдук буолбатах
Нууччалыы Неинтересный, непривлекательный, невыразительный
Саха да ырыатын көннөрү тылынан эттэххэ сымсах, оттон ыллаабыттарын иһиттэххэ кэрэтин көрүҥ эрэ! Амма Аччыгыйа Элбэх тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс диэн өс хоһооно баар эбээт. С. Ефремов Билиҥҥи ааҕааччы ис хоһооннорунан соччо омнуота да суох буоллар, уус-уран өттүнэн сымсах, өлбөөркөй суруйуулары биһирээбэт. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. сумсах ‘пресный (без соли), безвкусный’