Перевод с якутского
сын
туохтуур
Нууччалыы передвигаться очень медленно, ползти
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Бытааннык, ыараханнык сиринэн сыыл, сыылын
Нууччалыы Передвигаться очень медленно, ползти (напр., о транспортном средстве)
Кыракый, мөлтөх күүстээх борокуот, бэрт өр өрө сынан, Маача анныгар халлаан сырдыыта тиксэр. Н. Якутскай Уон массыынаттан иккитэ олох хаампат. Үһэ нэһиилэ сынар. Н. Апросимов Оптуобустара ыарырҕаппыттыы бирилии-бирилии туруору хайаҕа эрийэ-буруйа тахсар суолунан бытааннык сынар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. хак. сын ‘ломаться’, каракалп. сыныу ‘изломаться’, ДТС сын ‘ломаться’, тюрк. йанч ‘измельчать, раздроблять’
2 туохтуур #
Туох эмэ бөдөҥ-бөдөҥ сылдьары ибилитэ баттаан илдьирит, илдьи мэһий, ныс
Нууччалыы Растирать, толочь, размельчать что-л
Оҕонньор кыракый үөһү ньуоскаҕа, мииҥҥэ сынна. А. Сыромятникова Эбэм хортуоппуйу сынар иһиккэ хортуоппуй сына олорбута. М. Горькай (тылб.)
3 туохтуур #
Илдьи тэбис, тэпсэн аас (туох эмэ улаханы, ыараханы этэргэ)
Нууччалыы Давить, сокрушать на своём пути (о чём-л. массивном, тяжёлом). [От охсор массыына] алааспыт бэттиэмэтин уонна ньалҕайын бүтүннүүтүн сынан кэбиспит
Сыарҕалар сыҥаахтара эмиэ көмүрүө хаары сынан истилэр И. Никифоров
4 этии #
Этиилэр
Быаргынан сын
быаргынан сыыл диэн курдук (көр быар).
Мууска иккиһин аны илиибин быластаан, атахпын чиккэччи тэбэн баран, быарбынан сынан киирбитим. С. Никифоров Соппуруон, дэҥнэнэн баран, көс аҥаарын кэриҥэ сири быарынан сынан кэлбитин бары сөрү диэн сөхтүлэр. "Кустук"
5 этии #
Нууччалыы Внимательно, тщательно рассматривать что-л
Этиилэр
Сынан көр
тугу эмэ үчүгэйдик болҕойон, сирийэн көр Барахсаным, сынан көрдөххө, нарынын, холкутун!
Урут өлбүт хааһы бу диэн үчүгэйдик сынан көрбүтүм суоҕа. АВК ДьСҮ