Перевод с якутского
сыыл
туохтуур
Нууччалыы ползти; ползать
English to creep, to crawl
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы ползти; ползать
English to creep, to crawl
эриэн үөн сыылар змея ползётthe snake crawls along ат буолан сыыл ползти на четвереньках, словно лошадьcrawl on all fours a horse")
2 туохтуур #
Быардыы сытан эбэтэр илиигэр, тобуккар тирэнэн сыҕарый
Нууччалыы Ползать или передвигаться на четвереньках. [Өлөөнө:] Оҕом бу муостаҕа сыыла сылдьара, саҥа хааман бадьаралыыра, бу олоппосторго ытта сатаан дэлбэритэ түһэрэ субу баарга дылы
Адьас ыраахтан сэрэнэн үөмэн киирдэ. Биир да амынньыары тоһуппакка тииттэри күлүктэнэн сыылан истэ. ХУ КК. Разведчиктар, бэйэлэрин, инники лииньийэлэрин ааһан, ханнык эрэ хотоол сиринэн быардарынан сыылан иһэллэр ХС
3 туохтуур #
Бытааннык, ыксаабакка бар, айаннаа
Нууччалыы Передвигаться тихо, медленно, ползти
Борохуот нэстик сыылар. И. Гоголев Афанасий Васильевичка көмөлөһөөрү Хабырыыс лааппы дьиэ диэки сыылар. Н. Якутскай Арамаан кэһэйдин. Дьахтар сүгүннэрэн аҕалыа ини, бүтүн үс массыыналаах холкуостан массыына ылбакка, оҕуһунан сыылан истэҕэ үһү С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Бытааннык ааһан ис (бириэмэ туһунан). Θ Протекать медленно (о времени). Хара хоруо курдук хараҥа сыллар быардарынан сыыллан ааһан испиттэр. Софр. Данилов. Кэтэһиилээх мүнүүтэлэр сыылбыттара. СОТА. Бириэмэ наһаа бытааннык сыыллар. А. Кожедуб (тылб.)
4 этии #
Нууччалыы Незаметно, исподтишка творить что-л. недоброе
Этиилэр
Быаргынан сыыл көр быар
Үлэлээ, бэйэҥ баскын бэйэҥ билин, хас тоттук оҕо иннигэр быаргынан сыыллыма. А. Сыромятникова Сыыла сылдьан сыарҕа быатын быс (кэрбээ) - биллибэтинэн, көстүбэтинэн сэмээр сылдьан ол-бу дьээбэни, куһаҕаны оҥор Үс сыанаҥ содула баһаам. Харахха быраҕыллыбакка эрэ сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһааччы диэн, хата, кини баар.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Сүгүн буол, били сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар дииллэригэр дылы, туой тиэрэни баран. А. Сыромятникова Дьэргэлээх Уолуктай бары куһаҕаны тэрийэллэр быһыылаах. Сыыла сылдьан сыарҕа быатын кэрбииллэр. ХС Ср. кум. йыл, алт. дьыл, хак. чыл, кирг. жыл ‘двигаться; ползти, ползать; кататься (на коньках, на лыжах)’