ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үн

туохтуур

Нууччалыы ползать

1 туохтуур #

Түөрт атах буолан эбэтэр атаххын биир-биир соһо тардан сыылан иннин диэки сыҕарый (кыра оҕо эбэтэр бааһырбыт, хаамар кыаҕын сүтэрбит киһи эбэтэр кыыл туһунан)

Нууччалыы Ползать (обычно о ребенке, раненом человеке, звере)

  • Быһый да дьоннор сырсан, Аатырыахтарын иннигэр Маҥнай хайаан да аттаан, Үнэргэ үөрэнэллэр.
    И. Гоголев
  • Биир саҥардыы олорон, үнэн эрэр куп-кугас баттахтаах оҕо сыгынньаҕын холумтан иннигэр уһун күнү быһа олорон тахсар.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Быраҕан биир кутуйаҕы тапта. Ол эрэйдээх нэһиилэ хороонугар үнэн тиийдэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Нэһиилэ, бэрт эрэйинэн хааман иннин диэки бар (үгүс өттүгэр кырдьаҕас эбэтэр улахан ыарыһах киһи туһунан этэргэ)

Нууччалыы Плестись, еле двигаться, насилу ноги переставлять

  • Өндүрүйээн атыыһыт, бу күнтэн ыла баайа баранан, атыыһыттыыра уурайан, хойут муос тайаҕынан үнэ сылдьан өлбүтэ үһү. Саха ост. II. Иһигэр хомойо санаата, тыастаахтык сиргэ силлээтэ уонна тайах маһыгар тэптэрэн дьиэтин диэки үнэ турда.
    И. Никифоров
  • [Эркээни:] Күн киирэн түлүрбэх сыбыытаан эрэр. Мин эмиэ холомо ураһам диэки үнэн көрөөхтүүм
    И. Гоголев

«Ү» буукуба