Перевод с якутского
сыналый
туохтуур
Нууччалыы петь, рыдать, стонать протяжно, тягуче при сильном горе или от боли
1 туохтуур #
Улуйар курдук саҥата таһааран санаарҕабыллаахтык унаархайдык ытаа, ыллаа, ынчыктаа, оннук дорҕоонноохтук иһилин
Нууччалыы Петь, рыдать, стонать протяжно, тягуче при сильном горе или от боли
Мавра оһоҕун чанчыгар, сырдык хараҥа былдьаһыытыгар, күлүк курдук, сүөдэллэн олорон: "Айа даа!" – диэн үөрэммит үгэһинэн сыналыйан ылла. М. Доҕордуурап Кыыс эрэйдээх Сэниэтэ эстиэр диэри Ытаан сыналыйда, Уҥмуттуу, утуйбуттуу дуу Улугуран сытта. С. Зверев Таһырдьа буурҕа сирилиир, түннүккэ ыйылаан, өрө сыналыйан ааһар А. Фёдоров
2 туохтуур #
Сыыллар курдук бытааннык, салгытыылаахтык, ыараханнык бар, айаннаа
Нууччалыы Двигаться медленно, тяжело, надоедливо долго
Тырахтарыыс уол, ыраах от тиэйэ барбыта, икки хонон сыналыйан кэлбитэ. П. Аввакумов [Лидия Гаврильевна] дьүөгэтигэр быһа сыналыйан тиийбитэ. В. Титов Локомотив сүүрбэттэн тахса вагону соһон баран, хара буруонан тыынан сыналыйан иһэр.
А. Чехов
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. шаналах ‘сокрушаться, скорбеть; страдать, мучиться’