Перевод с якутского
сынньылый
туохтуур
Нууччалыы течь, струиться
1 туохтуур #
Быһытталанан таммалаабакка, быа курдук субуллан тоҕун, сүүр (туох эмэ сынньылхай хойуу убаҕаһы этэргэ)
Нууччалыы Течь, струиться (о чём-л. тягучем)
Ситэ хойдо илик сып-сылаас убаҕас көбүөр икки дьабадьытынан сынньылыйда. Софр. Данилов. Тэллэриис -- хараҕын муҥунан Бэдэр Хараҕы одуулаата, айаҕын аппытын кубулуппатпа, икки дьабадьытынан сыраана сынньылыйда. И. Гоголев Кэйиик атыыр оҕус, Баҕайы хараҕа кытаран, мунна силтэйэн, сыраана сынньылыйан В. Миронов
2 туохтуур #
Ууннары тардыллыбыт курдук уһаан, субуруйан көһүн (хатыҥыр киһи уһун таҥаһы салыбыраччы кэттэҕинэ)
Нууччалыы Казаться вытянутым в длину, будучи облачённым во что-л. длинное, ниспадающее, струящееся (обычно о худощавом человеке)
Киһи бэрдэ Күүлэй Көстүүн, туруйалаан баран, туран, тэбэнэн сахсынан бүтэн эрдэҕинэ Уордаахаба нэһиилэ сынньылыйан турар. Софр Данилов