Перевод с якутского
сырыс
туохтуур
Нууччалыы бежать вместе с кем-л.
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кимниин эмэ илин-кэлин түсүһэн сүүр
Нууччалыы Бежать вместе с кем-л. (о нескольких бегущих)
Чэй, ас бэлэм буолуута оҕолор хантан эрэ сырсан аҕылаһан-мэҥилэһэн кэлбиттэрэ. Далан Сорохтор ууну көрө Кэрэхтээх тумулга сырыстылар М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Куоталас, илин былдьас (хол., күрэхтэһиигэ)
Нууччалыы Состязаться с кем-л. (напр., в беге и т. д.)
Ыһыахха быһыйдар сырыстылар. Саас, биир ылааҥы күн, мин, сакылаакка сырсаммын, сабыс-саҥа тэтэрээти сүүйэн ыллым ээ! Амма Аччыгыйа [Уоһук:] Мин бүгүн эһигини кытта сырсабын диэн хотуурбун дулҕаҕа тосту охсон кэбистим дии.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
[Холлоҕос – Дүлүҥҥэ:] Доҕоор, сырсыах эрэ сыыры таҥнары Саха фольк
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ ситээри кэнниттэн эккирэт
Нууччалыы Гнаться, пускаться в погоню за кем-л
Туораах -- тыына быстыаҕынан ол киһини сырыста.
КүндэТүүлээх Уллуҥах үөл тоһоҕону туппутунан, [Чүөчээски] кэнниттэн сырсар.
Суорун ОмоллоонДьон "түөкүнү" тута мээнэ сырса сатаабыттара да, тугу да булбатахтара Н. Заболоцкай
4 туохтуур #
Тугу эмэ ситиһэ сатаа, ону сыал оҥорон эккирэтис
Нууччалыы Преследовать какую-л. цель. [Дьарааһын] Аҥаардас ахсааны сырсыһар Алдьатыы үлэтин хаалларбыт
[Кини] нуучча, аан дойду классиктарын айымньыларын ааҕыынан умсугуйбута, демократическай тыыннаах литератураны сырсан үөрэппитэ. П. Филиппов Алмааһы көрдөөччүлэр ортолоругар уһун солкуобайы сырсан кэлбит дьон баарын илэ харахпынан көрбүтүм. ДФС К К. Ср ДТС йарыс ‘состязаться, бежать взапуски’, алт. дьарыш ‘состязаться в беге’, тув. чарыш, кирг. жарыс ‘бег взапуски’