ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сырыт

туохтуур

Нууччалыы идти, ходить, передвигаться

English second-person singular imperative of сырыт-

Ис хоһооно · 10

1 туохтуур #

Сатыы хааман эбэтэр туохха эмэ олорон кэл, бар, сыҕарый

Нууччалыы Идти, ходить, передвигаться (вплавь, вброд, на чём-л.)

  • Атынан, табанан айаннаан, Арыт уунан устан, Салгынынан даҕаны көтөн, Сатыы эмиэ сылдьан, Сибиир киэҥ иэнин кэрийдибит.
    С. Зверев
  • Ойуурга мас тосторо иһиллэр. [Тимэппий:] Бай, хайа, туох тыаһыыр! [Өрүүскэ:] Ээ, сүөһүлэр сылдьаллар ини.
    Күндэ
  • Уон кылаас үөрэхтээх, эдэр, доруобай киһи ама тиэхиньикэни өйдөөбөт-билбэт, сырыыны кыайан сылдьыбат бэйэлээх буолуо дуо? Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (9)
  • Ыраах сиринэн тэлэһий, айаннаа. Θ Ездить, странствовать, путешествовать (по отдалённым уголкам, городам, странам). Уон улууһу кэрийэ сылдьаммын, түүннэри-күннэри талкы маһыгар таҥнары холкуллан, өрө битийэн, күүһүм-күдэҕим быһынна.
    П. Ойуунускай
  • Бэл, биһиги, ыраах Саха сирин дьонноро, киниэхэ [Украинаҕа] тиийэн сымнаҕас салгынынан тыынарбыт, куораттарыгар сылдьарбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Кини [Белов] айаҥҥа сырыттаҕына, Ленинградка хаалбыт кэргэнэ, кыыһа ньиэмэс буомбатыгар түбэһэн өлөллөр. Софр
    Данилов
  • Кылгас кэмҥэ ханна эмэ (хол., ыалга) киирэн аас. Θ Нанести визит, зайти ненадолго куда-л., навестить кого-л. [Дьаакып:] Ким да кэлэ сылдьыбата дуу?
    А. Сыромятникова
  • Маайа сырытта. Ийэм ону чэйдэтэн баран, билигин соҕус тахсыбыта.
    Амма Аччыгыйа
  • [Татьяна Ивановна:] Хайа бу сылдьыбат бэйэҥ хайдах таарыйдыҥ? Олор, уоскуй
    С. Ефремов
  • Харытыана эрэйдээх, ол-бу тыаһы иһиллээн кэбиһэ-кэбиһэ, отоннообута буола сырытта.
    П. Ойуунускай
  • Уум уҥуоргу өттүгэр хас да кус аһыы сылдьара көһүннэ.
    Т. Сметанин
  • Петя дьаарбайа сылдьан, биир моҕотойу хаппыт мутугунан быраҕан, сыыһан кэбистэ
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Ханна эмэ баар буол

Нууччалыы Находиться, пребывать где-л

  • Үөрэххэ сырыт. Үлэҕэ сырыт.
  • Кини хамнаска сылдьан, үс сылы быһа аттары бэрийэн тахсыбыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Манчаары уон сэттэлээх сааһыгар, саас кус ыта сылдьан Арҕаа Бэкэҕэ киирбитэ, биир атыыр үөрэ сылгылар ньиргийэн тураллар эбит
    МНН
  • Төрөппүттэрэ этэллэрин хоту сылдьар.
Өссө холобурдар (2)
  • [Дьаакып:] Ол кэриэтэ талбытын хоту сырыттын.
    А. Софронов
  • Ити тугу-тугу лахсыйар суруккутуй? Мин хаһан кулаахтар тылларын хоту сылдьыбыппыный
    Күндэ

3 туохтуур #

Баар буол, тыыннаах буол

Нууччалыы Жить, существовать, здравствовать (быть, иметься)

  • "Аны даҕаны Сиргэр-дойдугар, дьоҥҥор-сэргэҕэр кэлэн дьаарбайар буолаар. Этэҥҥэ сырыт", – диэн алгыы хаалбыттара.
    Далан
  • Икки чыркымай кэккэлэһэ устан от саҕатыгар кэлбиттэрэ. Мин ыппатаҕым. "Эрэйдээхтэр сылдьыҥ", – диэбитим, туран кэлбитим
    Суорун Омоллоон

4 туохтуур #

Ханна эмэ баар буол, ууруллан (угуллан) сыт (кыра мал-сал туһунан)

Нууччалыы Быть, пребывать, находиться где-л. (о каком-л. предмете, вещи)

  • Биир алтан харчыны сиэппэр илдьэ сылдьыбытым суох.
    П. Ойуунускай
  • Кини [былыргы саха] уота ытыс быһаҕаһын саҕа кыалыгын иһигэр сылдьара.
    Суорун Омоллоон
  • "Сэбиэт илиитигэр икки тыһыынча харчы баар буолуох тустаах, бу харчы кимиэхэ сылдьар?" – диэн суруксуттан Баһылайап ыйытта
    Күндэ

5 туохтуур #

Чопчу ханнык эмэ сиртэн кэл; ханнык эмэ сиртэн төрүттээх буол

Нууччалыы Прибывать из каких-л. мест; быть родом из каких-л. мест

  • Бүк түһэн иттэ олорбут Семён Иванович ити ыйытыы киниэхэ туһаайылларын билэн: "Куораттан сылдьабын", – диэтэ.
    Т. Сметанин
  • "Убаай! Эн аултан сылдьаҕын дуу?" – Абдуркулла ыйытар.
    Эрилик Эристиин
  • Дьиэлээх дьахтар олорбохтоон баран: "Хайа диэкиттэн сылдьаҕын?" – диэн ыйытта
    Н. Заболоцкай

6 туохтуур #

Күн аайы эбэтэр кэмиттэн кэмигэр ханнык эмэ тэрээһиннэргэ кэлэн барар буол

Нууччалыы Посещать каждый день или периодически какие-л. мероприятия, заведения

  • Мин ол ыалга эбэбин кытта олорон хааллым, орто кыыстарын кытта оскуолаҕа сылдьар буоллум.
    Амма Аччыгыйа
  • "Арзамас" диэн литературнай уопсастыбаҕа сылдьар. А. Пушкин (тылб.)

7 туохтуур #

Дьон өйүгэр-санаатыгар сүппэттии сөҥөн хаал

Нууччалыы Осесть, сохраниться (в памяти, в сердце, на устах у кого-л.)

  • Ол үҥкүүлэрин, тойугун сорох тыллара, бар дьон уоһугар оччотооҕута сылдьара.
    С. Зверев
  • Эн астаан саламаат сиэппитиҥ Саас-үйэ санааҕа сылдьара. Эллэй. Өр да эн сүрэхпэр сырыттыҥ, Кыталык ырыатын тылыныы
    П. Тобуруокап

8 туохтуур #

көмө туохт. суолт. -ыы, -а сыһыат туохтуурдарга сыстан көмө туохтуур быһыытынан туттуллар, хайааһын өр соҕустук эбэтэр өрүү оҥоһулларын бэлиэтиир

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ыы, -а основного глагола используется как служебный глагол, образующий видовую форму глагола со значением длительности или постоянства действия

9 туохтуур #

хоту дьөһүөлү кытта холбуу туттуллан "биир суолу тутуспуккунан эбэтэр ким эмэ ыйыытынан салайтаран тугу эмэ гын" диэн суолталанар

Нууччалыы В сочетании с послелогом хоту выражает значение: следовать чему-л

10 этии #

Нууччалыы Со всем и всеми согласный

Этиилэр

Сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо

хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт диэн курдук (көр хоноһо).

  • [Булумдьу] быһатын, иитиллибит дьонугар сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо буолбут.
    Л. Попов

Ээх хоту сылдьар

барытын, барыларын кытта сөбүлэһэр Ээх хоту сылдьар киһи

«С» буукуба