ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыыйылын

Нууччалыы следовать, тянуться вдоль чего-л., вытягиваться в длину

Сыыйа тардыллыбыт курдук уһун, көнө буолан субулун

Нууччалыы Следовать, тянуться вдоль чего-л., вытягиваться в длину

  • сыый диэнтэн атын. туһ. Боссоой күлүүһү икки илиитинэн бобо тутаат, холуодаҕа тирэнэн баран, тарта. Күлүүс боробуойа сыыйыллан кэллэ.
    И. Гоголев
  • Аармыйаҕа барартан кини сүрэҕинэн уонна быччархайынан сыыйыллыбыта.
    Н. Габышев
  • Кыараҕас нууччалыы дьиэ иһигэр кыыс оҕо нарын куолаһа сыыйыллар, хормуоска оонньуур.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Киһи хараҕа көрбөт ырааҕыттан сыыйыллан тимир суол ыллыктара сыталлар. Эрилик Эристиин
  • Аартыгы таҥнары сырдык уот сыыйылла түһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кыһыҥҥы суол, хатыс куру субуйбуттуу, сыыйыллан, кинини сиэтэн иһэргэ дылы.
    М. Доҕордуурап
  • Таас тоҕой кэтэҕиттэн сып курдук синньигэс уҥуохтаах, сыыйыллыбыт уһун хара суһуохтаах кыыс тахсан кэллэ
    Т. Сметанин

«С» буукуба