Перевод с якутского
сыыр
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы дуть, задувать
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Тымныыны аҕалан күүскэ үр, илгийэн сири-дойдуну хастаа (үксүн күһүҥҥү тыал туһунан)
Нууччалыы Дуть, задувать (об осеннем холодном, пронзительном, резком ветре)
Хотуттан тымныы тыал сыырда
2 этии #
Отун-маһын сыырар тыал - маһы кубарытар, хагдарытар күһүҥҥү тыал Хас да күнү быһа отун-маһын сыырар тыал түспүтэ, ол кэнниттэн улам тымныйан барбыта. Сылык сыырар тыал - тымныыны аҕалар күһүҥҥү тыал. Осенний ветер, предвещающий наступление холодов. Быйыл сылык сыырар тыал эрдэлээтэ. Ср. туркм., осм. йаар, йар ‘раскалывать’, тюрк. сыр, сыйыр ‘снимать кожу, срывать листья с деревьев (о ветре)’
Нууччалыы Ранний осенний ветер, от которого блёкнет, сохнет растительность
3 аат тыл #
Өрүс, үрэх, күөл эбэтэр аппа кытылын туруору эниэтэ, үрдэл сир
Нууччалыы Горка, холм, возвышенность
Итиэннэ, уһуутаан баран, үрэх сыырын өрө хааман, -- эмэҕирбит чөҥөчөккө олордо. Софр. Данилов. Ол кэмҥэ кырса күнүстэри-түүннэри хаамар, ас көрдөөн муора кытылын хааһын, сыырын аннын кэрийэр. Н. Якутскай Сыыр үрдэ, сыыр хааһа бүтүннүүтэ сааскы туундара үөрүүтүнэн туолбут, хас талах, аппа кэп-кэбиргэс, бэп-бэбиргэс саҥанан оргуйбут этэ Н. Заболоцкай
4 этии #
Этиилэр
Сыыр (күрүө) намыһахтыы көр күрүө
Нохоо, Уулаах! Ити эн өйдөөх өйдөөхтүк саҥараҕын. Мин даҕаны абарбычча, сыыр намыһахтыы эн үрдүгүнэн көтөбүн. Эрилик Эристиин Сыыр намыһахтыы ити уол үрдүгэр түһэҕин дуу? Ити уол эйигин хайаата? Ф. Захаров
Өссө холобурдар (1)
Василий Семёнович уола хотторон эрэриттэн киҥэ-наара холлон барбытын сыыр намыһахтыы эмээхсининэн таһаарда уонна туран тэлэбиисэр саҥатын улаатыннарда. "ХС"
5 этии #
Сыыр чыычааҕа - төбөтүгэр икки муос курдук хара түү чорбохтордоох, күөмэйин анныгар сырдык араҕас түүлээх, хара моойторуктаах, кыһыллыҥы толбонноох бороҥ өҥнөөх хоту ааһар күөрэгэй бииһэ чыычаах Кыраһа хаарынан кынаттанан, Сытыы тыалынан атахтанан, Сыыр чыычааҕа ааттанан Сырылаччы көтөн кэллэ. Саха фольк. Ср. ДТС сырт ‘возвышенность, сырт’, йар ‘яр, овраг’, кум. яр, уйг. йар ‘утёс, скала; крутой берег; обрыв’
Нууччалыы Рогатый или полярный жаворонок
6 аат тыл #
Үүттэн анал технологиянан оҥоһуллар кытаанах эбэтэр кытаанахтыҥы үрүҥ ас
Нууччалыы Сыр. Тураах... сыыр элээмэтин тумсугар туора ытыран, кини аҕай буолан олорор эбит. П. Ойуунускай. Кыракый холуста мөһөөччүктэн килиэби уонна сыыры ылан Сүөдэргэ уунна: "Мэ, манан оҕоҕутун аһатыҥ!" Н. Якутскай