ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҕалын

Нууччалыы сплющиваться, сбиться

1 #

Ньыҕаллан оннугуттан хамсаа (сымнаҕас тугу эмэ этэргэ)

Нууччалыы Сплющиваться, сбиться (напр., о шапке)

  • Уол [ырбаахыта] тоҕонохторо, хоннохторун анна тырыттыбыт, көхсө хайдыбыт, өрө сыҕаллан тахсыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыттыкка сыҕаллан саба түспүт бэрэбээскитин өрө анньан, кылаабынай бырааһы көрөн, Нартаахап тоҕоноҕор тайанна. Софр. Данилов. Бэргэһэтэ сыҕаллан кэннигэр барбытын дьиппинитэн кэтээри устан, сымнаҕас баттаҕын уҥа диэки хаптаччы имэринэр
    БТУоТ

2 #

Хайа эмэ диэки сыҕарый; оннугуттан хамсаа

Нууччалыы Быть оттеснённым куда-л.; сдвинуться с места

  • Икки өттүнэн киирбит кыһыл күүстэн ыгыллан, үрүҥ милииссийэ ытыаласпытынан куорат ортотун диэки сыҕаллан биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэлимсэ тарҕаммыт үрүмэ былыт арҕаа диэки сыҕаллан барда.
    У. Нуолур
  • Саргылаах саас кэлэн кубалар Нэлэкээ эбэҕэ халыйан түстүлэр! Улуу күөл күр мууһа сыҕаллан Ырбыылар күндээрэ тэлэллэн биэрдилэр
    М. Тимофеев

«С» буукуба