ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҕарый

туохтуур

Нууччалыы переместиться в какую-л. сторону; отодвинуться, подвинуться

1 туохтуур #

Биир сиргэ турума, хайа эмэ диэки бытааннык хамсаа, көс

Нууччалыы Переместиться в какую-л. сторону; отодвинуться, подвинуться

  • Микиитэ утары одуулаһан олорбохтоон баран, тэйэ сыҕарыйда.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьонум, ити курдук кэпсэтэ түһэн баран, им-ньим бардылар, мин кинилэри көрөөрү хаптаһын баһын диэки сыҕарыйдым.
    Н. Неустроев
  • Тааҥка, дьигиһис гынаат, иннин диэки сыҕарыйда
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Уларыйан, хамсаан биэр (хол., үлэҕэр)

Нууччалыы Перейти с одного места на другое, сдвинуться с места, продвинуться вперёд (напр., по работе)

  • Хамыыһыйа чилиэттэрэ, ити курдук бииртэн-биир бырайыакка сыҕарыйан, сороҕу хайҕаан, сороҕу сирэн бэлиэтэнэн истилэр.
    Н. Лугинов
  • Ол курдук, икки саары икки ардынан, күн-дьыл улам баран, кыраапыктаах үлэҥ оннуттан сыҕарыйбакка хаалан иһэр.
    В. Яковлев
  • Литературнай антропонимнар (ааттар) тылдьыттара оҥоһуллуоҕа, -- онуоха диэри биһиги бытааннык да буоллар иннибит диэки сыҕарыйа туруохтаах этибит
    ФЕВ УТУ

«С» буукуба