Перевод с якутского
сыһыары
сыһыат
Нууччалыы тесно; туго
English closely, tightly
Ис хоһооно · 7
1 сыһыат #
Нууччалыы тесно; туго
English closely, tightly
ааны сыһыары сап закрой дверь плотноclose the door tightly сыһыары кэл подойди ближеcome close
2 #
сыһ
Оҕонньор мастарын соһон кэлэн, ураҕаһын кырыылаах түүтэххэ сыһыары анньан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Кыраһыыннаах буочукалары үҥкүрүтэн аҕалан рельсэҕэ сыһыары анньыталаан кэбиһэллэр. Эрилик Эристиин Байыкка оҕуһу тыыга сыһыары аҕалан тохтотто Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Тугу эмэ батыһыннары, устунан олус чугас (хол., истиэнэ, ыскамыайка кыйа). Θ Вдоль чего-л., вплотную. Итиэннэ кыракый түппээк, сыттык дуомнаах, истиэнэни сыһыары тардыллыбыт ороҥҥо хараҕын симэн сытта. Софр. Данилов. Оҕонньоттор хоспох эркинигэр сыһыары тардыллыбыт эргэ ыскамыайкаҕа кэккэлээбиттэр ХС
3 #
Туох эмэ туохха эмэ сыста, ыкса буоларын курдук
Нууччалыы Очень близко, впритык к чему-л
4 #
Ыга, ыксары (хол., баттаа)
Нууччалыы Плотно, сильно (прижимать)
Вася бэргэһэтин оройун сыһыары баттанна, дириҥник көхсүн этиттэ. Амма Аччыгыйа Анарааҥҥыта, куһаҕан баҕайытык сарылыы-сарылыы, уолчааны сиргэ сыһыары баттыы сатыыр. Күннүк Уурастыырап Билигин Серёжа арбайбыт баттахтаах төбөтүн сыһыары кууһан баран, дьоллоохтук утуйан хаалбыт киһи баар ини. ПП Дь
5 #
Кими эмэ бэйэҕэр чугаһатан, бэйэҥ диэки хайыһыннара, кыттыһыннара
Нууччалыы Притянув, приблизив, привязав к себе
Ол киһини [Бэрт Хараны] ааттаһан бэйэлэригэр сыһыары тардан, өлөр-хаалар күннэригэр көмө оҥостор санаалаах этилэр Чолбон
6 #
Тугу эмэ туохха эмэ тэҥҥэ тутан, дьүөрэлэһиннэрэ
Нууччалыы Привязывая что-л. к чему-л., соотнося с чем-л
Туох барыта бэйэтин күнүгэр-дьылыгар, оччотооҕу сиэригэр-туомугар сыһыары тутулуннаҕына эрэ ылыннарыылаах буолар. С. Федотов Софрон Данилов хараахтары олоххо сыһыары тутан көрдөрбөт. Ол оннугар хараахтары олох ханнык эмэ уустук түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн арыйар ХС
7 этии #
ыары муннук геом. – быысаһа сытар муннук Икки муннук, өскөтүн кинилэр аҥаар өттүлэрэ биир, оттон икки атын өттүлэрэ биирдэрэ атынын салҕааһына буолан барар буоллаҕына, сыһыары муннуктарынан ааттаналлар. КАП Г
Нууччалыы Смежный угол