ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хам

сыһыат

Нууччалыы плотно, туго, крепко

English firmly, tightly

1 #

Хамсаабат, төлөрүйбэт гына, ыга

Нууччалыы Плотно, туго, крепко

  • Сүүс киһи бииргэ хам баайыллан сылдьаллар үһү (тааб.: туу). Ийэм эрэйдээх төбөтүн былаатынан биир кэм хам тардынан сылдьар.
    И. Федосеев
  • Испиискэ баарын мурун соттор былаатынан хам суулаата.
    Н. Габышев
  • Лөкүөрүйэ эмээхсин үтүлүгүн эрбэҕин иҥиир сабынан хам тигэ олордо
    П. Аввакумов

2 этии #

хам буолбат көр айах I. Ньукуһуок оҕонньордооххо Дьэргэ тахсан, киэһэни быһа айаҕа хам буолбакка, хоноһоҕо бөһүөлэк сонунун барытын сэһэргээтэ. Болот Боотур.

Нууччалыы Скромно, спокойно, смирно, тихо-мирно

Этиилэр

Бадарааҥҥа хам тэбис (тэпсилин) көр бадараан

  • Уулаах Уйбаан эргэ олох бадарааныгар хам тэпсиллэн сылдьыбыта.
    Эрилик Эристиин

Саба (хам) баттаа көр баттаа

  • Кинилэр сабыдыалларын хам баттыахха айылаах күүс, дьиҥэр, онно суоҕа. "ХС.

Хам аччык көр аччык

  • Мин куруук хам аччык сылдьарым.
    И. Гоголев
  • Ийэ барахсан, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга хам аччык сылдьаҥҥын үлэттэн илиигин араарбатыҥ.
    И. Егоров
Өссө холобурдар (1)
  • Сампара, тоорохой да эти айаҕар укпакка, хам аччык утуйар.
    П. Ламутскай

Хам бааччы

1) көрсүөтүк, хамсаабакка, чуумпутук Уол киириэр диэри Пуд Ильич хам бааччы олорор, сынньанар. Далан. Арай биирдэ Маайа көрбүтэ: учуутала хам бааччы турара. Н. Якутскай; 2) утарыласпакка, мөккүөрэ суох.

Без противостояния, без борьбы.

  • Билигин биһиги хам бааччы олоруо суохтаахпыт.
    Далан
  • Кини үҥүүтүн былдьаттар эрэ, ол курдук, өлөргө бас бэринэн, хам бааччы туран биэриэхтээх эбит.
    ХС

Хам бар

эмискэ саҥата суох буол, тохтоон хаал, саҥарыма, ах бар.

Внезапно замолчать, умолкать.

  • Ити тылы истэн, бу кыра уолу бас-көс туттан хаалбыт дьон хам бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Сэһэргэһээччилэр сирэй сирэйдэрин көрсө түспүттэрэ, таалбыт курдук, чочумча хам баран олорбуттара.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Хам туттарбыт харыс. т. – тымныйан тыҥата ыалдьыбыт, ойоҕостоппут, сэбиргэхтэппит. Заболеть пневмонией. Сыыстаран, сэбиргэхтэринэн эмискэ хам туттаран, онтон да атын ыарыыларынан өлөөччү эмиэ элбэх буолара. Бэс Дьарааһын

3 этии #

Нууччалыы Зашивать (дыру)

Этиилэр

Хам ас

таҥас алдьаммытын тик Аны маны миэхэ ким хам анньан биэриэ үһү (ырбаахытын алдьаммытын көрөр). Суорун Омоллоон. Даппарай дьонун илдьирийбит таҥастарын хам анньар. Ойуку. Хам сыстыы эмт. – оһоҕос сыстыһыыта.

Образование спаек в кишечнике, сращение ткани в результате воспаления.

  • Муҥурдаах эпэрээсийэтин кэнниттэн өр сытыллыа суохтаах, хам сыстыы буолуон сөп.

Хам хатанна көр хатан I

  • Уола билигин аҕай үөрэн-көтөн кэлбитэ дии, хоһугар киирэн хам хатанан хаалла, тоҕо тахсыбат? Тумарча. Ср. орд. хам ‘закрываться’, ДТС хам ‘сваливать, сбивать’

«Х» буукуба