Перевод с якутского
сөрөн
туохтуур
Нууччалыы кутаться, завернуться во что-л
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Таҥаһы бүрүнэ быраҕан баран суулан, суулана тутун
Нууччалыы Кутаться, завернуться во что-л
Дьиэ хара аанынан үрүҥ саал былаакка сөрөммүт мааны таҥастаах дьахтар сүүрэн тахсыбыт. Амма Аччыгыйа Күн көхсүн сылытыыта, сөрөнөн олорор саҕынньаҕын эҥээрин арыый ыһыктан, төбөтүн хоҥкутан, сыыйа нуктаан барбыта. Далан Мин саҕынньахпар сөрөнөөт, каюр көхсүгэр сыста субурхай наартаҕа олордум Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Атаххын куллуканан суулаа, суулуу эрий. Θ Обмотать ноги портянками. Бэрт тиэтэлинэн сөрөнөн, саппыкытын кэттэ. Н. Якутскай Саппыкытын устан куллукатын хат сөрөнөн кэттэ. Тумарча. [Хамандыырбыт] уолаттар куллукаларын хайдах сөрөнөллөрүн хонтуруоллуура И. Сосин
2 туохтуур #
Туохха эмэ хатылла эрилин, иилиһин
Нууччалыы Путаться, запутаться. [Уол] сүүрэн тиийэн, муоһугар сөрөммүт дөрөтүн сүөрээт, бокуойа суох оҕус үрдүгэр түөһүнэн саба түстэ
Сөрөнөн хаалбыт хоппуруон быаны суумкатыгар бүк тутан укта. Н. Габышев [Семён] эдэр ыт быатыгар сөрөммүтүн көннөрөөрү төҥкөйдө. Л. Толстой (тылб.) Кыайан арахсыбат гына иҥин, иилилин (хол., балык илимҥэ). Θ Зацепиться, запутаться (напр., рыба в сетях). Икки харыстаах собо баҕадьы кынатыгар сөрөнөн таҕыста. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Балбаара -- илим харахтарыгар сөрөммүт муус маҥан балыктары араартыыр. Е. Неймохов Илимигэр сөрөммүт киһини икки хонон баран булбуттара В. Титов
3 туохтуур #
Куотан, саһан ким, туох эмэ кэннигэр түс, тугунан эмэ хаххалан
Нууччалыы Прятаться, укрываться за кем-чем-л
Хабырылла талахха, болбуктаҕа сөрөнөн куота сатыыр, онтон таас кэтэҕэр түһэн биэрэр. Н. Заболоцкай Ньиэмэстэр тииттэн тииккэ сөрөнө-сөрөнө мин диэки иһэллэр. Т. Сметанин Алдьаммыт тааҥкалар күлүктэригэр сөрөнө-сөрөнө ытыалаһыы, кыранаатанан тамнаһыы. С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
Хомуут быатын кытаатыннарбыта буолан, ат нөҥүө өттүгэр сөрөнөр У. Нуолур Кимиэхэ эмэ сыста түс, кими эмэ тугуттан эмэ харбаан ыл. Θ Прильнуть к кому-л., схватить кого-л. за что-л. Сөдүөччүйэ ыстанан тиийэн оҕонньор илиитигэр сөрөнө түстэ. Амма Аччыгыйа [Аҕабыт] таһыйаары гыннаҕына ийэбитигэр сөрөнүөхпүт. Ийэбит көмүскүөҕэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Петя кини [Николай] атаҕар сөрөннө. Л. Толстой (тылб.)
4 туохтуур #
Ким, туох эмэ сабыдыалыгар киирэн кинилэрдиин куодарыс, куомуннас (үксүгэр куһаҕаҥҥа)
Нууччалыы Попасть под чьё-л. дурное влияние, примкнуть к кому-чему-л. (напр., к плохой компании). [Сэмэн] киһи үктэтиитинэн, алҕаһаан [бандьыыттарга] сөрөммүт
"Итирэ-итирэ сырыттаххына, туохха эмэ түбэһиэҥ, сөрөнүөҥ", - диэн хаста-хаста эппиттэрэ буолла. М. Попов Аһа-таҥаһа тиийбэт буолан ити күтүрдэргэ сөрөннө дуо? А. Сыромятникова Бэйэм да билбэккэ, буорту буолуохпун, араас үөйбэтэх-ахтыбатах кирдээх быһыыга киириэхпин, сөрөнүөхпүн сөптөөҕө
Г. Колесов
Өссө холобурдар (3)
Кимҥэ, туохха эмэ кыттыс, холбос. Θ Присоединяться к кому-чему-л., вливаться куда-л., приставать, пристраиваться к чему-л. [Баллайах:] Билигин икки аҕа ууһа арахсан, тус-туспа холкуос буолуохтара, холкуоска бэйэтигэр сөрөнүөххэ наада. Амма Аччыгыйа Сорох өрөбөлүүссүйэлэр холоруктарыгар сөрөнөн, хоодуоттук сылдьан, төннөн кэлбитэ. Н. Габышев Оҕонньор күүһүнэн этэрээккэ сөрөнөн, Дьокуускайтан барса турар ХС
5 этии #
Нууччалыы Попасть под чьё-л. дурное влияние
Этиилэр
Кутуругар сөрөн
ким эмэ саарбах уккуйуутугар киирин Дьон бары баай кутуругар сөрөнөн баран иһэр.
Быралгы Былатыан диэн киһи кутуругар сөрөнөммүн, кыһыл көмүс ухханыгар ыллараммын, уоран-саһан, -- кыра үрэххэ тиийбиппит. С. Никифоров Былатыан Ньукуус уола Тимэппий кутуругар сөрөнөн барда. Дьэ, сүгүн олоппотторугар тиийдилэр. "ХС"