ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таабырын

аат тыл

Нууччалыы загадка

English riddle

1 аат тыл #

Нууччалыы загадка

English riddle

  • таабырыны таай
    угадай загадкуguess the riddle

2 аат тыл #

Ханнык эмэ эттиги эбэтэр көстүүнү туохха эрэ холуйан кылгастык ойуулуур тэттик пуормалаах норуот айымньыта (истээччи онно туох этиллэрин таайыахтаах)

Нууччалыы Малый жанр якутского фольклора в виде замысловатого вопроса, в котором какой-н. предмет или явление описывается иносказательно (слушатели должны отгадать о чём говорится), загадка

  • Таабырын төрдө там-татахай баар үһү (тааб.: тахтайдаах силим). Оо, төрөөбүт арыы тыам, дьэ, симэммиккин, киэргэммиккин даҕаны! Эйигин таабырын оҥоруохха сөп: "Сайын саҕынньах кэтэр, кыһын устан кээһэр баар үһү", - диэн.
    Ф. Софронов
  • Кыталыга кыырайбыт Туруйата туран хаалбыт. Таабырын хоһооннорбун Таайыҥ эрэ, оҕолорум (тааб.: ат, сэргэ)
    П. Дмитриев

3 аат тыл #

Киһи кыайан өйдөөбөт, быһаарбат суола

Нууччалыы То, что неясно или непонятно, нуждается в разгадке

  • Киһи диэн таайыллыбат таабырын.
    И. Гоголев
  • Былыргы учуонайдар этэн тураллар: "Саха сирэ - таабырын", - диэн.
    Суорун Омоллоон
  • Үрдүк хайалар быстар быардарыгар, күтүр улахан таас эмэгэттэр көхсүлэригэр суруллубут ойуулар-бичиктэр ис хоһоонноро билигин үөрэхтээхтэр даҕаны кэбэҕэс таайбат таабырыннара буолан хаалбыттар. Эрчимэн. Ср. др. -тюрк. тапзухуҕ, башк. табышмак, бур. таабари ʻзагадкаʼ

«Т» буукуба