Перевод с якутского
таарымта
аат тыл
Нууччалыы внезапный и сильный приступ боли; припадок
1 аат тыл #
Соһумардык, күүскэ ыарытыннарар ыарыы (былыргы итэҕэлинэн абааһы таарыйан, убахтаан, киһи иһигэр да киирэн эмискэ ыарытыннарыыта); тииһик
Нууччалыы Внезапный и сильный приступ боли; припадок (по старинному верованию якутов, это происходит от того, что злой дух дотрагивается до человека или вселяется в него)
Сүрэх таарымтата. Бу сарсыарда эмискэ иһинэн ыалдьыбыт. Иһэ иннэнэн тэһитэ анньар курдук ыалдьан, түүрэ тартара сылдьар үһү. Таарымта быһыылаах дииллэр. А. Неустроева [Ойуун] одурууну салаатаҕына, көрөр ыарыыны чупчуруйдаҕына, таарымтаны, ис ыарыытын илбийдэҕинэ, аал уокка айах тутан алҕаатаҕына барыта үтүөрэн -- кэлэр үһү. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
Оҕо эмискэ таарымтанан ыарыйда. Дьоно ыксааннар, -- Сөдүөтү быраас ыҥыртара холкуос киинигэр ыыттылар ХС Архах ыарыы эмискэ күүһүрүүтэ, тииһигэ киириитэ. Θ Внезапное сильное обострение застарелой болячки. Кыһалҕа [киһи аата] ыалдьа сытар киһитин бохсуруйда. Онуоха Чорулла оргууй мичээрдээтэ: "Арыый кэҥээбиккэ дылы буоллум. Таарымтам киирэ сырытта... " И. Гоголев С. И. Мицкевич суруйтуурунан, мэнэрийии таарымтата биир-икки чаастан күннээх-түүнү быһа да барар түбэлтэлэрдээх эбит. ППА СЭЫа. Кини ыалдьан буорайбыт этэ, титириир ыарыы таарымтата күҥҥэ иккитэ киирэрэ. Р. Тагор (тылб.)
2 аат тыл #
Эмискэ, омуннаахтык киирэр иэйии, күүркэйии
Нууччалыы Сильное, неудержимое проявление какого-л. чувства; возбуждение
Уоллаах кыыс таптал уулларар-уматар таарымтатыгар тимирбиттэрэ. Е. Неймохов Бачча буолуохпар диэри таптал таарымтатын билэ иликпин. С. Дадаскинов Миэхэ үөрүү таарымтата киирбитэ, ону хайдах да тохтотор кыаҕым суоҕа.
Ч. Айтматов
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. таамыртаар ʻзанемочьʼ