ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тииһик

аат тыл

Нууччалыы острое и внезапное проявление признаков болезни, приступ

аат тыл

Ыарыы быстах кэмҥэ бэргээһинэ, күүһүрүүтэ

Нууччалыы Острое и внезапное проявление признаков болезни, приступ

  • Суруйан биэрбит эмтэрэ үтүөрдэр чинчитэ суоҕа, ыарыытын тииһигин мүлүрүтэрэ эрэ. Софр. Данилов. Өлүөнчэ эмээхсин, атаҕын ыарыытын тииһигэ киирдэҕинэ, кыатана сатыы-сатыы, өтөр-өтөр ынчыктаан энэлитэр.
    И. Гоголев
  • Бэргээн тииһиктэрэ киирдэҕинэ кыыллар бэйэлэрин лабааларын кэрбэнэллэр, ордук кутуруктарын, кэлин атахтарын -- быһа ытырыналлар. ТИи
    С. Ср
  • др. -тюрк. титик ʻбольʼ, баш титик титти ʻрана сильно болелаʼ. Тэҥн. таарымта

«Т» буукуба