ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тааҥнаа

туохтуур

Нууччалыы выступать, разливаться поверх льда

1 туохтуур #

Муус үрдүнэн халый (тымныы кэмҥэ күөл, үрэх мууһун үрдүнэн халыйар уу туһунан)

Нууччалыы Выступать, разливаться поверх льда

  • Уу өрө тахсан, тааҥнаан тоҥон иһэр.
    Н. Заболоцкай
  • Быйыл күһүн күөл мууһа саҥа тураатын кытта улахан хаар түспүт. Ону уйумуна муус хотойбут, уу тааҥнаабыт. Багдарыын Сүлбэ. Мантан сааскы өттүгэр Дьааҥы өрүс аллараа сүүрүгэ тааҥнаары турар
    Кыым

2 туохтуур #

Өлгөмнүк халый (үксүн хаан туһунан)

Нууччалыы Обильно проливаться, разливаться на поверхности чего-л. (обычно о крови)

  • Бу манна кыа хаанынан Халыҥ хаар тааҥнаабыта. Өлүү тимир хараҕынан Сир кырсын тараабыта.
    Баал Хабырыыс
  • Хаанынан тааҥнаабыт кириэппэс үрдүгэр тэлибирии кытыастар знамяны көрө-көрө үрүҥнэр уоту харса суох аспыттара.
    В. Чиряев
  • Кыһыллар барыкаадалара хаанынан тааҥнаабытын биһиги билэбит
    Кыым

«Т» буукуба