ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

табылыа

аат тыл

Нууччалыы табло.

аат тыл

Туох эмэ туругун көрдөрөр, хонтуруоллуур прибор, дуоска

Нууччалыы Табло. Спортивнай табылыа. Учуутал остуолугар оҥоһуллубут аналлаах табылыаҕа оҕолор эппиэттэрин көрдөрөр лаампачкалар умайаллар. Н. Лугинов. Ньургун, икки саннын хаптаҕайынан көбүөргэ таарыйымаары, төбөтүнэн чиэстэнэ сытан бириэмэтэ уонна ахсаан табылыатын уота кытарыҥныы дьиримниирин көрдө. Н. Лугинов. Сотору гонг тыаһыыр. Табылыаны көрөбүн – 3:0 ахсаан сырдаабыт. ПП ОА

«Т» буукуба