ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

табылын

туохтуур

Нууччалыы иметь благоприятный, успешный исход, результат; быть удачливым, везучим

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Сатан, үчүгэй буол; үтүө түмүктээх буол

Нууччалыы Иметь благоприятный, успешный исход, результат; быть удачливым, везучим

  • Кини оҕо буолбатах, төгүрүччү сыаналаан баран ону-маны оҥорор, онон оҥорбута эрэ барыта табыллар.
    П. Ойуунускай
  • Күн аайы булт табыллыбат эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһи үйэтин тухары быыстала суох дьоллоох буолуон табыллыбат.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Мин манна улаханнык табылынным, бэһис кылааһы куоһаран, алтыс кылааһы бүтэрдим
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Этиилэр

Мааһын тап көр маас

  • Эр дьон булт-алт туһунан кэпсэтиигэ ордук "үөстэрэ тэһиннэ". Онуоха ордук Тит оҕонньор мааһа табылынна.
    И. Сысолятин
  • Кэнники куобахтарыттан биир куобаҕы Фёдор Еремеевичкэ биэрэннэр, баһыыба үөһэ баһыыбаны ылан, мааһын таптылар, сүргэтин көтөхтүлэр. Н. Босиков
II

3 туохтуур #

Туох эмэ кыырайан кэлэргэ түбэс; туохха эмэ таптар (хол., буулдьаҕа)

Нууччалыы Попадаться под что-л.; быть задетым, раненым, убитым (напр., пулей)

  • Ханна эрэ мас быыһыгар кус табыллан охтор.
    Н. Заболоцкай
  • Толоон сир хабаана, Дуолан табыллан сытар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тутуһан туран чугастан утарыта ытыалаһыы, бааһырбыт дьоннор үөгүлэрэ, табыллыбыт аттар орулааһыннара, сиргэммит аттар мөҥөн талҕалааһыннара, – бары холбоһон, дьиикэй муусука, ынырык хартыына буоллулар
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 туохтуур #

Туохха эмэ киирэн биэр, түбэс (үксүгэр мэлдьэхтээх пуормаҕа, этиилэргэ – көһүппэтэх өттүттэн)

Нууччалыы Попадаться, угодить во что-л. (употр. часто в отриц. форме или отриц. оборотах – обычно ненароком или случайно). [Маайа:] Мин бу курдук сордоох олоххо табылларбын билбит да курдук саҥараахтыыллар эбит

  • Хараҕар оччо табыллымаары – дьалты туттан туораабыт сайына этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Үс үүттээх оҕуруоту үрдүнэн типпит хомурах быыһыттан балаҕан даҕаны, от даҕаны киһи хараҕар табыллан көстүбэттэр
    Күндэ

«Т» буукуба