ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

там

Нууччалыы соотв. промочить горло

там гыннар кэпс. – ыйыстан кэбис, иһэн кэбис (үксүгэр арыгыны этэргэ)

Нууччалыы соотв. промочить горло (обычно вином, водкой)

  • Саҥа атастыылар икки кыһыл сыыһын дуоннаах уһатыахтара дуо – начаас там гыннаран кэбиспиттэрэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Сэргэй:] Оттон кыратык там гыннардыҥ да, кэнники, хата, испэт киһини сэмэлиигин, сыҥалаан туран иһэрдэҕин.
    Л. Габышев
  • Чэ, уолаттаар, кыратык там гыннарыҥытыый… Улдьаа Харалы. Там да гыммата кэпс. – 1) букатын топпото; төрүт астыммакка хаалла (аһа кыра буолан). Θ соотв. ни в одном глазу; не наесться. [Уолаттар] Аҕыйах пиибэҕэ там да гымматылар. Күрүлгэн. Ас барахсан үчүгэй да амтаннаах буолар эбит! Там да гыммата, хата ордук аһыан баҕарда. "ХС"; 2) тугунан эмэ астыммата. Θ Остаться неудовлетворённым чем-л. Кини Күннүк Уурастыырап "Лоокууттуун кэпсэтии" диэн хоһоонун нойосуус лап-бааччы ааҕан биэрбитэ. Бэйэтэ поэма саҕа, киһи күннүктээн ааҕыах балачча уһун хоһооно этэ да, там да гымматах курдук туттубута – биир даҕаны тылга уурастаан ылбатаҕа. С. Руфов; 3) кими эмэ тулуппата, киһилээбэтэ (үксүгэр күрэхтэһиигэ). Θ Легко справляться с кем-л., легко, без усилия побеждать, осиливать кого-л. (в состязаниях). – Оччугуйун көрүмэҥ, баҕар ити киһиҥ иһигэр буорахтаах ыччат буолуоҕа. – Э-э, суох, көрөн туран, Күүстээх Көстөкүүн кинини там да гыныа суоҕа.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. узб. там ʻвкус, смак; привкусʼ

«Т» буукуба