ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тардын

Нууччалыы удержаться от каких-л. действий (чаще всего отрицательных), сдержаться. [Чүөчээски] олорбохтуу түһэн баран, тыллыырын эмиэ тардынан, таах хаалларыан эмиэ санаата буолбакка, хаһыакка суруйар санааҕа киирдэ

1 #

Тугу эмэ (үксүн куһаҕаны, төттөрүнү) гынартан, оҥорортон туттун

Нууччалыы Удержаться от каких-л. действий (чаще всего отрицательных), сдержаться. [Чүөчээски] олорбохтуу түһэн баран, тыллыырын эмиэ тардынан, таах хаалларыан эмиэ санаата буолбакка, хаһыакка суруйар санааҕа киирдэ

  • тарт диэнтэн бэй., атын. туһ. Андаатар [киһи аата] балааккатын тардына хаалла.
    И. Гоголев
  • Кинигэни эрчимнээхтик бэйэтин диэки тардынан ылла.
    Н. Заболоцкай
  • Уолукпун тимэхтэнэбин, курбун тардынабын.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (7)
  • "Сылгыһыт буолан баран холумҥун куһаҕаннык да тардынар эбиккин", Ү- диэн Иван уус суустаата.
    М. Доҕордуурап
  • Сэмэнчик ыһык лэппиэскэтин бурдугун бэйэтэ тардынан буһаран киирэр буолла. Н. Түгүннүүрэп
  • Хаһыытаары гынан баран, баҕар соһуйан, итии ууну бэйэтигэр дьалкытыа диэн тардынан хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Хобороос кыыһы сирэйгэ охсоору дайбаан иһэн тардынна
    А. Сыромятникова
  • Мээнэ, бас-баттах быһыыланартан туттун, оннук быһыыланыма. Θ Вести себя сдержанно, пристойно, стать дисциплинированнее, подтянуться. Куораттарга кыргыттар милииссийэ сүрдээх үчүгэй пуорматын кэтэн хааман иһэллэрин көрдөххө, киһи тардына түһээччи.
    М. Попов
  • Кини кэлиэҕиттэн дэриэбинэҕэ баппат аатырбыт көкөттөрбүт бэл тардыннылар ээ.
    Е. Неймохов
  • Кытаанах быһыы-майгы дьон тардыналларыгар, бары ис кыахтарын түмэллэригэр күһэйбитэ
    АМН ҮТӨ

2 #

спорт. Илиигинэн туохтан эмэ үөһэттэн тардыһан баран, бүтүн бэйэҕин үөһээ көтөх

Нууччалыы Держась за что-л. руками, упираясь, поднять своё тело вверх, подтянуться

  • Мин сарсыарда аайы тардынабын. Вася кылааһыгар уолаттартан барыларыттан элбэхтик тардынар

3 этии #

Этиилэр

Бэйэ бодоҕун тардын көр бэйэ

  • Ийэккэ, дьэ бэйэ бодоҕун тардын - тойонуҥ Быыпсай, Куудай баай обургу кэллэ.
    Суорун Омоллоон
  • Дьэ, бэйэ бодоҕутун тардынан кэбиһиҥ - куорат ааттаах кылыыһыта кэлбит үһү.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • [Тустууга] хас да албаһы билэрбэр эрэнэн эрэх-турах сананан, бэйэ бодобун тардыммытым. "ХС"

«Т» буукуба