ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тартарыы

аат

Нууччалыы крепление, растяжка для придания устойчивости, прочности чему-л

1 аат #

тартар диэнтэн хай. аата. Хоруттарыыны ардыгар сири тартарыынан ааттыырбыт. ЕВФ УуДК. Ырытыллар тылы болдьох бэлиэнэн аннынан тартарыы. СОТТЛ

2 аат #

Тугу эмэ бөҕө, тирэхтээх гынар сыалтан туохтан эмэ тартара, чиҥэтэ баайыы, туттарыы

Нууччалыы Крепление, растяжка для придания устойчивости, прочности чему-л

  • Иҥнэри баран эрэр остуолбаны өсөһүннэри үөһэттэн сиргэ боробулуоханан тартарыы оҥорбуттар эбит.
    В. Яковлев
  • Баҕаналар үрүт баайыыларын, тартарыыларын уонна өһүөлэрин уопсай оҥоһуулара производственнай булуок гиэнин курдук
    СГК ТҮЧ

3 аат #

Кимиэхэ, туохха эмэ талаһыы, тардыһыы

Нууччалыы Стремление, тяга к кому-чему-л

  • Төрөөбүт төрүт буорга тартарыы, кини ахтылҕана ханна да тэлэһийбитиҥ иһин ааһан-араҕан биэрбэт. ФЕВ УТУ. [Оҕолор] килэгир таас улахан куоракка олорор буоланнар, күөххэ уонна айылҕаҕа тартарыылара улахан буолара.
    ЛВ

«Т» буукуба