ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыыһаа

туохтуур

Нууччалыы пропитать кожу едким дымом, чадом для прочности, защищая от влаги, сырости

1 туохтуур #

Ууну өтүппэт гына бөҕөргөтөн, тириини буруоҕа тутан ыһаар

Нууччалыы Пропитать кожу едким дымом, чадом для прочности, защищая от влаги, сырости

  • Бу тириини ыыһаатахха эрэ таһыгар уу сыстыбат, сиигинэн уу өппөт буолар. Хомус Уйбаан. Ийэм дьоҥҥо иистэнэрэ: буруоҕа ыыһаан, уу өтөн киирбэт этэрбэс арааһын, уостаах үтүлүк, бэргэһэ тигэрэ.
    С. Маисов
  • Өлөксөй салалтатынан ыыһаабыт тириилэриттэн тигиллибит саары этэрбэстэрин кэппиттэрэ
    Чолбон

2 туохтуур #

Эт аһы, балыгы буруоҕа тутан, ыыс сытын иҥэрэн буһар, ыһаар

Нууччалыы Коптить мясопродукты, рыбу

  • Тоотугу көмөлөһүннэрэн, балык ыыһыыр тимир буочукалары сөргүттэ, бэлэмнээтэ.
    ХС
  • Аны туран, мантыгын ыыһыахтааххын, оччоҕо минньигэс буолар баҕайыта. "Чолбон". Биһиги кэммитигэр таас хотону туттарбыппыт, эти ыыһыыр собуот баар буолбута
    Кыым

«Ы» буукуба