ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таҕыл

аат тыл

Нууччалыы стремление к праздному, беззаботному времяпрепровождению

1 аат тыл #

Киһи сынньанар, көччүйэр баҕата

Нууччалыы Стремление к праздному, беззаботному времяпрепровождению

  • Мин бу судургу бэлэҕим Чуҥкуйуо суоҕа эн хоскор, Уоскуйуу таҕылын билиммэт Уорааннаах үлэһит олоххор.
    В. Дедюкин
  • Сорох үлэлиир, иҥиир тараһа буолар, оттон кини кустаан таҕылын ханнарар, күн ортооҥҥо диэри утуйар.
    Н. Габышев
  • Бу уһун үйэтигэр эрэйи эҥээринэн тэлбит, дьолу, таҕылы булбатах, -- иннэ кылгаабыт киһи [Күһэҥэй] санаата киэҥин, холкутун, сүрэҕэ бөҕөҕүн.
    КНЗ ТС

2 аат тыл #

Чэпчэки быстах таптал; имэҥирии

Нууччалыы Легкомысленное отношение к любви; похоть

  • Таҕыл диэн тапталы хомотуу Дьадаҥы дууһалаах дьаабыта.
    С. Данилов
  • Быстах имэҥнээх таптал, Таҕылы тарҕатар саатал – Амынньыары умаппыт кэриэтэ Аҕыйахтык чачыгыраат бүтэр
    И. Федосеев

3 этии #

Нууччалыы Отдыхать на воле (обычно гуляя, беззаботно проводя время)

Этиилэр

Таҕылгын тарҕат

1) дуоһуйа сынньан, көччүй, дьаарбай Кинилэр [эмээхситтэр] уопсайынан да биһиги, уоппускаҕа сынньана кэлбит дьон, санаабыт астынан, таҕылбыт тарҕаан барарыгар баҕараллара.

  • Көтөх ынах буоланнар, Тараһа бөҕө быһынна, Көрү-нары тарданнар – Таҕыл бөҕө тарҕанна.
    Күннүк Уурастыырап

Күөх хонуу

Дьокуускай дьоно төрүт да таптыыр, киирэн дьаарбайан, таҕылларын тарҕатан тахсар саамай үтүө, мааны хонуулара этэ. Н. Заболоцкай; 2) имэҥҥин дуоһут.

Удовлетворять свою похоть.

  • Тулаайах, аҥаардас диэн атаҕастаан, сэнээн, таптаабат эрээри, таҕылгын эрэ тарҕатаары сыстаҥныыгын дуо?
    Болот Боотур
  • Ити баҕайыҥ ааһан иһэр көтөр буоллаҕа дии. Билигин ойоххо наадыйбычча ылан, таҕылын тарҕатан бүттэҕинэ, туран баран хаалыа.
    ХС

Таҕылгын таһаар

таҕылгын тарҕат диэн курдук.

  • Көтөрү-сүүрэри кытта тэҥҥэ оонньоһон, сүүрэн-көтөн таҕылбын таһаарынарым.
    Н. Абыйчанин
  • Уһун кыһыны быһа тымныыга хаайтаран, муунту буолбут дьон таҕылбыт тахсыбыта. Сэмээр Баһылай. Үүт-тураан сарсыарда, Чэбдиккэ, чуумпуга Өр сылга ахтылҕан Таҕылын таһаара -- Үчүгэй да эбит Соҕотох дьаарбайар. В. Миронов

«Т» буукуба