Перевод с якутского
таҥыннар
Нууччалыы снабдить одеждой, одевать
Кимиэхэ эмэ таҥаста биэр, кими эмэ таҥнар таҥастаа
Нууччалыы Снабдить одеждой, одевать
таҥын диэнтэн дьаһ. туһ. Оҕону сылаастык таҥыннар. Үмүөрүһэн тула туран, Өлөксөйү таҥыннардылар, Үтүлүгүн, бэргэһэтин булан, Үчүгэйдик кэтэртилэр. С. Васильев Чэ, Хобороос, ампаартан таҥаста киллэрэн Маасаны таҥыннар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Эһиги миигин төрөппүккүт, онон аһатар, таҥыннарар эбээһинэстээххит. Н. Якутскай Доҕорум -- тырыттыбыт ырбаахылаах кэлбитин, баһыттан атаҕар дылы таҥыннарбытым. Эрилик Эристиин Биһиги да дьадаҥы дьоммут, онон олус үчүгэйи кыайыахпыт суоҕа буолан баран, кэм ханныгы эмэ таҥыннарыахпыт, аһатыахпыт Эрилик Эристиин