ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тигинээ

туохтуур

Нууччалыы издавать непрерывный, стойкий шум, гул

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Биир күрүс тыаһаан-ууһаан чиҥ дорҕооннонон иһилин

Нууччалыы Издавать непрерывный, стойкий шум, гул

  • Ходуһа иһэ тимир тыаһынан тигинээн барда. Бэйэтэ хаамар косилкалар, от мунньар массыыналар тыастара курулуу кутулуннулар.
    Л. Попов
  • Алаһа дьиэ тэбэр сүрэҕэ – Аал уот умайан тигиниир. Дьуон Дьаҥылы. Улуу куорат хоту дойдуттан кэлбит дьон хараҕар ордук улаатан, ньиргийэн-ньаргыйан тигинии тыаһыы көрүстэ
    А. Бродников

2 туохтуур #

Сүр сэниэлээхтик, тэтимнээхтик тугу эмэ гын (хол., үлэлээ)

Нууччалыы Энергично, бойко, споро делать что-л. (напр., работать)

  • Ыттар хонук аһылыктарын бэлэмнээһин түбүгэ соҕотохто өрө тигинээтэ.
    С. Тумат
  • Хонтуораҕа Кэтириис соҕотоҕун муоста сууйан тигинии сылдьар эбит.
    ХС
  • Үлэбит күүрдүн, тигинээтин, Үтүө-кэрэ доҕотторуом.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. тикилэ ʻпроизводить шум, шуметьʼ, тыҥыла ʻгреметь, громыхатьʼ, хак. түкле ʻбиться, стучать (о сердце)ʼ

«Т» буукуба