ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

титирик

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы молодая лиственница

1 аат тыл #

Ситэ илик тиит, тиит кырата, эдэрэ

Нууччалыы Молодая лиственница

2 даҕааһын #

суолт. Титиригинэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из лиственных жердинок, лиственный

  • Титирик дьиэлээх дьирбин кыыс баар үһү (тааб.: кэкэ-бука). Суллуур титирик ураҕаһы -- Туруору аспыттар.
    С. Зверев
  • Оҕолор -- утуйаары титирик оронноругар кэккэлэһэн сыттылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Аргыылап атын титирик кымньыынан сырбаталаата. Софр
    Данилов

3 этии #

Нууччалыы Камелёк, забранный снаружи жердями

Этиилэр

Титирик ойуур (тыа) көр ойуур

  • Титирик ойуур улаҕатыгар кыараҕас түннүк сырдыга өлбөөдүйэн көһүннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Таня ыаҕайатын ылан, титирик ойуур иһигэр киирэн сүтэн хаалла. Дьүөгэ Ааныстыырап. Күөл уҥуоргу өттүгэр чараас титирик тыа улаҕатыттан сыгынньах хайа төбөтө чөмчөйөн көһүннэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Титирик оһох эргэр. – титирик ураҕастарга туттарыллыбыт, буорунан симиллэн оҥоһуллубут оһох Тигиниир титирик оһох дурдалаах. С. Зверев

«Т» буукуба