Перевод с якутского
тиһик
аат тыл
Нууччалыы верёвка, на которую нанизывают что-л. в ряд
English list
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туох эмэ кэккэлэччи тиһиллэр, иилиллэр быата
Нууччалыы Верёвка, на которую нанизывают что-л. в ряд
Киэһэ сүлүллүбүт тирии оһох сыралыгар сарсыардааҥҥа диэри тиһиккэ барсар гына сараҕыйан бэлэм буолааччы. Я. Семёнов Ындыыга аналлаах чөмпүүлэ табаҕа икки тиһигинэн иккилии утаҕынан холбонон иилиллэр ХС
2 аат тыл #
Тугу эмэ (хол., бэрэмэдэй, хааһах айаҕын, атах таҥаһын) тиһэр быа
Нууччалыы Завязка, ремешок, шнур (продевается из петли в петлю)
Бэрэмэдэй тиһигин төлүтэ тардыалыыр тыастара иһиллэр. Н. Якутскай Хааһах тиһигин быыһынан өҥөйөн көрбүтэ, атах эт кытаран сытар. М. Доҕордуурап [Миитэрээс] хааһаҕын тиһигин сүөрэн, биир хара саһылы таһаарда В. Протодьяконов
3 аат тыл #
Туох эмэ уһун субурҕа курдук кэккэтэ
Нууччалыы Ряд чего-л., расположенного в одну линию
Хайа тиһигэ. Сэргэ тиһигэ. Субан туруйа тиһигинии Субуллан өрө көтө Уот сүллүгэс сэнэрээттэр Уһулута ойон таҕыстылар. И. Эртюков Көтөрдөр тиһиктэрэ сороҕор үөһэ күөрэйэрэ, ардыгар аллара намылыйара. В. Арсеньев (тылб.)
4 аат тыл #
Бэйэ-бэйэтин кытта сибээстээх, сааһыламмыт, утумнаах чаастан турар туох эмэ биир кэлимэ
Нууччалыы Нечто целое, представляющее собой единство закономерно расположенных и находящихся во взаимной связи частей, система
Тыл грамматическай тиһигэ. Саха тылын атын түүр тылларыгар маарыннаабат да гына көрүҥнүүр уһулуччу уратытынан бүтэй дорҕооннорун тиһигэ буолар СПА СТИ
5 этии #
Этиилэр
Тиһигин быспакка көр быс
Онтон ыла Кэнчээри суруга тиһигин быспакка кэлэрэ. М. Попов Тыындалыыр суолга аттаах, сатыы дьон тиһигин быспакка сылдьаллар. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Сатарах самыыр тиһигин быспакка түһэн сыыйа турар. Н. Павлов
Тиһигэ суох
тиһигин быспакка диэн курдук (көр быс).
Катя сыанаҕа тахсан баран тиһигэ суох уон үстүү-уон түөртүү ырыаҕа тиийэ ыллыыра. Софр. Данилов. Массыыналар тиһигэ суох субус да субус буоллулар. В. Яковлев
6 этии #
Нууччалыы Нанизанные на одну нить бусинки, бусы
Этиилэр
Оҕуруо тиһигэ
утах быаҕа эбэтэр сапка кэккэлэччи тиһиллибит оҕуруо Ити кэнниттэн Эргийэ баттаан көрдөххө, Оҕуруо тиһик ойуулаах Ураһа суох буолбут эбит.
Кыыс Хотун оҕуруотун тиһигин иҥнэҥнэтэн көрдө. А. Сыромятникова Ср. др. -тюрк. тизим ʻряд, вереница; нить жемчугаʼ