ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торҕо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы шелковая или простая ткань голубого, синего или зелёного цвета

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Халлаан эбэтэр от күөҕэ өҥнөөх солко да, көннөрү да таҥас

Нууччалыы Шелковая или простая ткань голубого, синего или зелёного цвета

  • Аан дойдум, Арсыынай торҕону тиирэ тарпыт курдук, Аччаан, тунааран көһүннэ.
    Саха фольк
  • Торбос соммутун устан, торҕонон-солконон таҥныбыппыт.
    Суорун Омоллоон
  • Саҥа төрөөбүт ньирэйи ийэтигэр салаппакка, салыҥ ыраас торҕонон куурда сотобут
    ВБТК

2 даҕааһын #

суолт. От күөҕэ эбэтэр халлаан күөҕэ (өҥ)

Нууччалыы Зелёный или голубой, синий

  • Торҕо томоон дойдум -- Тус илин өттүн Туһаайа көрөн турдахха, Итир ньылба былыттар Иэнигийэн кэлбиттэр.
    Саха фольк
  • Тиэргэннэргэ түптэ иитэн, Торҕо буруо унаарыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Долгуннар торҕо арҕастара, киһилии саҥаран этиҥ эрэ.
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
  • Торҕо дьирим түптэ Күөдьүйэрэ тохтообут
    ТТИГ КХКК

3 этии #

Нууччалыы Уяснить что-л. основательно, до конца

  • Торҕо сиигин сииктээ - төрдүгэр-төбөтүгэр тиийэ ымпыктаан-чымпыктаан быһааран бил Кимтэн кииннээҕин -- Торҕо сиигин сииктээн, Туос араҥатын араҥалаан Тутулун-туймуутун Көрбүт киһи баар ини!
    С. Зверев
  • [Чоочо:] Туос араҥатын араҥалаан, торҕо сиигин сииктээн, -- остуруок дойдулаатаргын эрэ, миигин харыстыаҥ - араҥаччылыаҥ этэ.
    В. Протодьяконов
  • [Абааһы уола – Босхолой Мүлгүҥҥэ:] Торҕо сиикпин сииктээ, Туос араҥабын араҥалаа, Тойокоонум оҕотоо! ТТИГ КХКК. Торҕо сэлиинэн (бөтөрөҥүнэн) - быыстала суох түргэн сэлиинэн, бөтөрөҥүнэн (ат туһунан); сүүрүүнэн (киһи туһунан). Θ Быстрой рысью (ехать), вскачь, галопом (о лошади); бегом (о человеке). Таня атын торҕо сэлиинэн, туос бөтөрөҥүнэн түһэрдэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Уол оҕо курдук, торҕо сэлиинэн кэллим. Софр. Данилов. Торуой оҕонньорго - Кутай баайга Торҕо бөтөрөҥүнэн кэлэрэ.
    С. Васильев
  • Аттарбытын быһа биэртэлээн, -- иннибит диэки торҕо бөтөрөҥүнэн ойуттубут.
    Н. Кондаков
  • ТТИГ КХКК. уодьуганын тарт көр уодьуган. Тойоттор торҕо уодьуганнарын тардарга Ньургун нуучча саханы үөрэтэрэ. Эллэй

4 этии #

Нууччалыы Острое лезвие. [Миигин] Торҕо биилээхтээх даҕаны Толуннарара биллибэт

  • Торҕо бии (кылаан) - сытыы бии, кылаан
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Торҕо кылааннаах хотуурдар куһуйар-куһуурар тыастара Силип оҕонньор куйахатыгар сып-сытыытык хатанна.
    А. Бэрияк
  • Эһиэннэрэ этэ буолбаат -- Торҕо биилээҕи көрсөн, Бааһырбыт туур оҕустуу, Орулуур дохсун уордаах сэрии дьоно? ИСТКТ. Торҕо күөх - чээл күөх, от, халлаан күөҕэ. Θ Ярко-зелёный, ярко-голубой, тёмно-синий. [Горькай] халлаан торҕо күөҕэ өҥнөөх харахтара оҕолуу үөрүү уотунан умайаллар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
  • Ураа устун дьулуруйар, Торҕо күөх буруо хоройор.
    И. Эртюков
  • Толоон, сыһыы барахсан Торҕо күөҕү үллүннэ.
    С. Васильев
  • Торҕо тэһиин - ойуулаах-оһуордаах тэһиин. Θ Узорчатый повод. [Ата] Толомон маҥан күн Тоҥуутун курдук -- Торҕо тэһииннээх.
    П. Ойуунускай
  • Айыы бухатыырын атын тэрилигэр "күн" толору -- "тоҕус маҥан күн тоҕуутун курдук тоҕус былас торҕо тэһиин".
    ХС
  • Др. -тюрк. торху, тув. торҕу, алт. торко

«Т» буукуба