ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тосту

сыһыат

Нууччалыы сломав, переломав

Ис хоһооно · 6

2 #

Тугу эмэ хайдах эмэ гынан (хол., охсон, баттаан) арахсар гына (алдьат)

Нууччалыы Так, чтобы переломилось под каким-л. действием (напр., от удара, давления). [Тимир Түмэппий:] Уллуҥаҕым уҥуоҕун тосту ыттарбыппын

3 #

Букатыннаахтык, улаханнык биллэр гына

Нууччалыы Резко, радикально (измениться)

  • Маайыс тосту уларыйда.
    Амма Аччыгыйа
  • Охоноон хомойдоҕуна, сонно тосту кырдьан, нүксүйэн, сирэйэ эмэхсийэн хаалааччы.
    Л. Попов
  • Быйыл андаатар тосту аҕыйаата
    ХС

4 #

Олус, наһаа

Нууччалыы Чрезмерно, слишком

  • Тойон сүрэҕиҥ долгуйан, Тосту көрсүө буолбуккун.
    Амма Аччыгыйа
  • [Хабырылла] тосту кэлэҕэй буолан хаалбыт.
    А. Сыромятникова
  • Иэнньэ аны курсааҥҥа наадата ааһан, тосту куруубай тылларынан саҥарбыта
    Д. Таас

5 этии #

Этиилэр

Аҕа баһын тосту олор көр аҕа

  • Аҥаарыйа кырдьан, Аҕа баһын тосту олорон, Аан ийэ дойдуттан Арахсар күҥҥүтүгэр Алгыс курдугунан аттанаарыҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Өттүгүн эрэ үлтү (тосту) түспэтэ көр өттүк

  • Дьөгүөрсэ үөрэн өттүгүн эрэ тосту түспэтэҕэ. Н. Якутскай

6 этии #

Тосту континентальнай геогр. - эмискэ уларыйар Ардахтаах былыта суох ыраас халлааннаах, кураанах салгыннаах буолан, Саха сирин киин оройуоннарын килиимэтэ тосту континентальнай. ЛИК СОТҮҮүТ. Кураайытыҥы уонна кураайы куйаардар килиимэттэрэ кураанах уонна тосту континентальнай. САИ ССРС ФГ

Нууччалыы Резко континентальный

«Т» буукуба