ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоҕус

ахсаан, даҕааһын

Нууччалыы деветь

English nine

Ис хоһооно · 10
I

1 #

тох диэнтэн холб. туһ. Бөхтө тоҕус

2 этии #

Нууччалыы Биться с кем-л. до крови, проливать кровь

Этиилэр

Хаанна тоҕус

кими эмэ кытта эт-сиин эчэйиэр диэри улаханнык охсус Туох иһин кыа хааммытын тохсобут.

  • Быһатын эттэххэ, киһи суоҕа буоллар, хааннарын да тохсуох, эттэрин да сэймэктэһиэх эбиттэр быһыылаах. И. Никифоров
II

3 даҕааһын #

төһө ахс. аат

4 даҕааһын #

9 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл

Нууччалыы Девять. Куонньай Бытыктан тоҕус уол оҕо, аҕыс кыыс төрөөбүтэ үһү. Н. Неустроев. Буурҕа тоҕус хонук устата түһүө. Н. Якутскай

5 даҕааһын #

Тоҕус сааһы көрдөрөр тыл (тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы В притяжательной форме обозначает возраст – 9 лет

  • Икки уол оҕолоохпун, биирдэрэ сааһа тоҕуһа, иккиһэ түөрдэ буолла.
    Эрилик Эристиин
  • Ырыа Ылдьаана тоҕуһуттан ыла тулаайах хаалбыт
    Л. Попов
  • Хаардаах бугул саҕа Тоҕус дохсун холорук Тоҕо ытыллан түстэ
    П. Ойуунускай

6 даҕааһын #

Норуот айымньытыгар, поэзияҕа, кэпсэтии тылыгар аллитерацияҕа дьүөрэлээн "үгүс", "элбэх" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В фольклорной аллитерационной поэзии и разговорном языке часто употребляется в значении неопределённого множества

  • Тураҕас дьоруо аппын Туура тутан ыламмын Тоҕус уостаах сэргэбэр Тоҕуста туомтуу тартым
    П. Ойуунускай

7 даҕааһын #

Хаарты хараҕа

Нууччалыы Девятка (масть игральных карт)

8 даҕааһын #

суолт. Олус улахан, сүүнэ

Нууччалыы Очень большой, огромный

9 этии #

Нууччалыы Из бесконечной дали (букв. из глубины девятого небесного свода (моря))

Этиилэр

Аҕыс (тоҕус) дойду көр дойду

  • Аҕыс дойдуга Албан ааттаныҥ, Тоҕус дойдуга Толомон сурахтаныҥ (алгыс.). Тоҕус дойду үрдүнэн Чуураадыйар сурахтаах Чулуу тустуук, луохтуур дьонноох.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аҕыс уон (аҕыс) ааһар албастаах, тоҕус уон куотар кубулҕаттаах көр аҕыс I. Чупчуруйдаан ыраахтааҕы Аҕыс ааһар албаһынан, Тоҕус куотар кубулҕатынан Туура тутан ылбыта аптаах тааһы. Эллэй.

Тоҕус дьуларыйар дьулусханнаах добун маҥан халлаан көр дьуларый

  • дорҕоон (дорҕоонноох) айан суола көр айан. Амаан-дьамаан айаным алдьархайа Тоҕус кулугулаах Дорҕоон айан суолун Содула сутатан, Элэм эстэн, Былам быстан Аан дойдубуттан ааттаспытым.
    С. Зверев

Тоҕус муҥунан

тоҕус сорунан диэн курдук.

  • Бу манна нэһиилэ атах уларытан, тоҕус муҥунан кэллим.
    ХС

Тоҕус сорунан көр сор

  • Рома быйыл уон кылааһы тоҕус сорунан бүтэрбитэ.
    В. Быков
  • Тоҕус халлаан (муора) улаҕатыттан фольк. – олус ыраахтан Тоҕус үүккүнэн толору болҕой – сэттэ үүккүнэн ситэри иһит диэн курдук (көр сэттэ)

10 этии #

Этиилэр

Тоҕус бааллаах көр бааллаах

  • Сарсын күн ортотуттан киэһэ тоҕус бааллаах буурҕа түһүөхтээх.
    Н. Якутскай
  • Др. -тюрк. тохуз, тюрк. тогус, тугыз, токкуз, тоҕыз

«Т» буукуба