ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туйаар

туохтуур

Нууччалыы петь с переливами, щебетать, заливаться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

, поэз

  • Күөрэгэй чыычаах күн диэки күөрэйэ көтөн тахсан туйаара дьырылаатаҕа көҥүлүн, үрдүгүн!..
    Суорун Омоллоон
  • "Дьири-дьир" дьирилээн Күөрэгэй туйаарда.
    Болот Боотур
  • Салгыҥҥа уйдаран, Күөрэгэй туйааран, Биир сиргэ битийдэ, Дьирилии ыллаата
    С. Васильев

2 туохтуур #

Ыллаан дьурулат (күөрэгэй туһунан)

Нууччалыы Петь с переливами, щебетать, заливаться (о жаворонке)

3 туохтуур #

Олус үөһэнэн көҥүллүк көт

Нууччалыы Легко и свободно летать, парить высоко в небе

  • Киэҥ куйаар халлаан -- далайыгар туйаара көтө сылдьар эйэ маҥан холуубун ким истибэтэҕэ, билбэтэҕэ баар буолуой?!
    П. Тобуруокап
  • [Сөмөлүөт] Күдэн былыты көхсүнэн, Күөх халлааны кырсынан, Тус арҕаа айаннаан Туйааран истэ
    Н. Степанов

4 туохтуур #

тайаар 1 диэн курдук. Баҕарабын: кинилэр [хоһооннор] Киэҥ саҕахха туйааран, Дьон сүрэҕин үөртүннэр Наар үчүгэй санаанан. Р. Баҕатаайыскай. Туналы маҥан күн төрөөбүт дойдубут үрдүнэн, кыһыл көмүс туоһахталыы, туйаара уһунна. М. Доҕордуурап.

Этиилэр

Туох кэрэ баарын мөҥүөн сүрэхпэр

Ону бүгүн биэрэбин бу туйаарар истиэппэр: Мин олохпун күндээрпит соҕотох эн эбик кин.

  • Ср. осм. тойҕар, туйҕар ‘жаворонок’

«Т» буукуба