Перевод с якутского
тумнар
туохтуур
Нууччалыы лишать кого-л. возможности дышать, с силой сжимая горло, душить, удушать
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Киһи эбэтэр ханнык эмэ тыынар тыыннаах муннун, айаҕын бүөлээн тыынын хаай
Нууччалыы Лишать кого-л. возможности дышать, с силой сжимая горло, душить, удушать
Хара Бэкир булчут оҕонньорго тиийбитэ уонна ол түүн тумнаран өлөрбүтэ. С. Дадаскинов Сорох -- табалар, киһи кэтиирин биллэхтэринэ, төрүүр кэмнэригэр төрөөбөккө, оҕолорун тумнаран өлөрүөхтэрин сөп. ССП ЫН. Удавтар сиэртибэлэрин бэйэлэринэн ыбылы эрийэн тумнаран өлөрөллөр. ББЕ З
2 туохтуур #
Тугунан эмэ (хол., буруонан, гааһынан) салгыны сутуйан, киһи эбэтэр ханнык эмэ тыынар тыыннаах тыынарын мэһэйдээ
Нууччалыы Затруднять, чьё-л. дыхание, отравлять дыхательные пути, душить, удушать кого-л. чем-л. (напр., дымом, угарным газом)
Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар, тыыннарын хаайар, тумнара сыһар. В. Протодьяконов [Мааппа:] Фуу, табаҕыҥ сыта кэбэлкэйин! Киһини тумнарыыһыккын ДьТ
3 туохтуур #
Кими эмэ туоххунан эмэ сабырыйан атаҕастаа, саба баттаа, самнар
Нууччалыы Подавлять кого-л. чем-л., притеснять, угнетать
Кулаагы барытын самнаран, Кутаа уот тыллары эппитэ. Батталы охсуунан тумнаран, Аҕатын кэриэһин сиппитэ. Эрилик Эристиин Эргэ олох, ыраахтааҕы былааһын хараҥа күүстэрэ [саҥа сэбиэскэй киһи] күн сирин көрөрүн саба баттыы, тумнара сатаабыттара ХС
4 туохтуур #
Саба саҥаран эбэтэр хайдах эмэ мэһэйдээн кимиэхэ эмэ саҥарар кыаҕы биэримэ
Нууччалыы Вызывать у кого-л. растерянность, замешательство, перебивая, обрывая речь, оглушать, ошеломлять кого-л. (напр., многочисленными вопросами)
Улаханнаах Кыра Уйбаан, Ымыы кыыһы, киксибиттии, Утуу-субуу, тура-тура, Ыйытыынан тумнардылар. Күннүк Уурастыырап Оттон сүрэҕим ыарыыта диэн истэҕинэ тыына хаайтарыар диэри кириитикэнэн тумнарбыттара. М. Доҕордуурап Тарас Георгиевиһы араас эриирдээх боппуруоһунан адьас тумнаран кэбистилэр. "Чолбон". Ср. алт., тун ‘закладывать (о носе, горле)’, тумалаа ‘душить; травить’, тундыр ‘оглушать’