ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туолуй

туохтуур

Нууччалыы иметь отрицательные последствия, оборачиваться для кого-л. чем-л. пло хим

1 туохтуур #

Туох эмэ куһаҕан содуллаах, түмүктээх буол, тугунан эмэ толуктан, иэстэн

Нууччалыы Иметь отрицательные последствия, оборачиваться для кого-л. чем-л. пло хим

  • Үтүө сыһыан, үчүгэйи баҕаран көмөлөһүү, көстүбэт кэрдиини аһара бардаҕына, төттөрүтүнэн туолуйуон сөп.
    Н. Лугинов
  • Кини бу дьыала тугунан туолуйан тахсан эрэрин өтө сэрэйэн улаханнык ытырыктатан барда.
    В. Протодьяконов
  • Бу иэстэбиллээх чуумпуруу, бу сотору тугунан эрэ туолуйан тахсыахтаах
    С. Никифоров

2 туохтуур #

Тугунан эмэ туол, толору буол

Нууччалыы Быть наполненным чем-л. [Глафира] кэнники мунчаарыынан туолуйбут сугун харахтара арыый сырдаабыт курдук буолбуттар

  • Тэлэллэр уулусса туората Быспакка дьонунан туолуйда...
    С. Васильев
  • Балаакка иһигэр им-дьим туолуйар
    В. Миронов

«Т» буукуба