ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туона

аат тыл

Нууччалыы место, где закидывают невод для ловли рыбы, тоня

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Күөлгэ, өрүскэ муҥханы түһэрэн таһаарар сир

Нууччалыы Место, где закидывают невод для ловли рыбы, тоня

  • Бу күөлү уруккуттан кини баһылаан-көһүлээн тартарар, уутун билэр буолан, туонатын кини хааман биэрээччи.
    Болот Боотур
  • Табыллыбыт туонаҕа хас да туона балыгы биирдэ ылаллар.
    И. Данилов
  • Мүрү олус минньигэс бөдөҥ соболооҕо, Хоро, Сабарай, Лөгөй нэһилиэктэрэ күөл туонатын аҕа уустарынан үллэстэн муҥхалыыллара
    Чолбон

2 аат тыл #

Туох эмэ (хол., сир, халлаан) киэҥ нэлэмэн ньуура, дуол

Нууччалыы Обширное пространство, простор

  • Бу хатыҥнаах кырдал, ыраас сир, үйэ-саас тухары тапталлаахтар дьаарбайар, эйэҕэстик кэпсэтэр туоналара буола туруохтун.
    А. Софронов
  • Халлаан илин туоната саҥардыы боруоран, булчут оллоонунуу хараара тэнийэн иһэрэ.
    Н. Абыйчанин
  • Борокуот, теплоход манна [Аммаҕа] мунньустар, тохтуур туоната
    Ф. Софронов

3 аат тыл #

поэт. Дьол тосхойор, төлкө олоҕурар, ким, туох эмэ туругурарыгар аналлаах түһүлгэ, эйгэ

Нууччалыы Место, где уготовано счастье, сопутствует удача, где расцветает всё и вся

  • Хайа, доҕоор, бачча өр Ханна сылдьан мэлийдиҥ! Туруу дойду туонатыгар Тугу көрдүҥ, иһиттиҥ?
    Күннүк Уурастыырап
  • Үлэ буолар киһи уһаарыллар оскуолата, хатарыллар кыһата, эриллэр, эрдийэр туоната.
    В. Протодьяконов
  • Ааттаах улуу түһүлгэлэргэ Арыылаах кытах билгиһийдин! Дьоллоох үтүө туоналарга Чороонноох кымыс долгуһуйдун!
    С. Васильев

4 этии #

Этиилэр

Туона үктээ

туоналаа диэн курдук.

  • Оҕонньор, сарсыарда халлаан сырдыыта туран, күөлүгэр туона үктүү барбыта. С. Ту мат. Сокур Хабырылла -- күөл хомуһун хомуйа тутан ылаат, туона үктээн ыллаҥнаппытынан барда.
    Н. Босиков
  • Русск. тоня ‘место, где закидывают невод’

«Т» буукуба