ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туон

аат тыл

Нууччалыы оттенок, тон речи

I

1 этии #

  • туой I диэнтэн бэй. туһ. Туонар күнүм Тоҕуоруйда, Алҕанар күнүм Адаҕыйда.
    Саха фольк
  • Эн куолаһыҥ ымманыйа туонар Этиллибэтэх сырдык таптал туһунан.
    С. Данилов
  • Эн мөҕөн этэҕин: "Бэйэҕин туонаҕын, Бэйэҥ эйгэҕиттэн тахсыбаккын!" С. Данилов

Этиилэр

Кэп туон көр кэп II

  • Кэскиллээх ырыаны ыллаан, Кэп туонан, Кэриэс этэн Киэҥ халлааҥҥа көтөрүм буолла.
    Саха фольк
  • Кыһыл Ойуун отуутун иннигэр, -- дүҥүрүгэр тайанан туран, кэп туонар.
    П. Ойуунускай

Муҥҥун туон (ытат) көр муҥ I

  • Ол бэйэм муҥмун туонар, Сорбун суланар Күнүм кэллэ, оҕолоор.
    С. Зверев
  • Тулаайахтар, дьадаҥылар -- мустан, төбөлөрүн холбоон олорон муҥнарын туонуо этилэр да, ыалга сылдьар бобуулаах. А. Сыромятникова
II

2 аат тыл #

, кэпс. Саҥарар киһи кимиэхэ, туохха эмэ сыһыанын көрдөрөр куолаһын уларытыыта, саҥа дэгэтэ, толбоно

Нууччалыы Оттенок, тон речи

  • Тохтуу түһэн баран саҥарбытыгар үгэргээһин туона куолаһыттан сүтэр.
    Далан
  • Буруйу барытын бэйэтигэр ылынар курдук туонунан ыйытта.
    С. Курилов
  • Командующай -- быһаччы, холур туонунан салайар дьонун кытары кэпсэтэр үгэстээҕэ. К. Симонов (тылб.)

«Т» буукуба