Перевод с якутского
кэп
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы оттолкнуть, отпихнуть кого-что-л., ударить чем-л., нанести встречный удар
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Тугу эмэ киэр ас, тугунан эмэ утары саай
Нууччалыы Оттолкнуть, отпихнуть кого-что-л., ударить чем-л., нанести встречный удар
Наһаар кинини саа луоһунан охсон, тиэрэ кэбэн түһэрдэ.
Суорун ОмоллоонБойуот -- умса кэбэн кэбиспитигэр, Хачыкаат баҕаны бырахпыт курдук, палк гына умса баран түһэр. Р. Кулаковскай Хабырыыс иннин диэки хаамта, күүстээх тыал түөскэ кэптэ И. Гоголев
2 этии #
Нууччалыы Говорить наперекор, возражать горячо, запальчиво
Этиилэр
Кэлиилии кэп көр кэлии
[Дьаамнаах:] Тугу да эттиннэр, Ким да сылдьыбата, кими да көрбөтүм диэн кэлиилии кэбэ тураар. С. Ефремов "Онон эһиги ханна барыах санаалааххытый?" - айан киһитэ кэлиилии кэбэ турда. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Өрө кэп - өрө баран, өссө ордук тэтимирэн, омуннуран саҥар-иҥэр Уол буоллаҕына истибэтэх, эбии өрө кэппит: "Абааһы суох да суох, сымыйа". Далан Дириэктэри кытта туох диэн өрө кэбэн саҥара туруомуй - сурдурҕаабытынан кэбиниэттэн таҕыстаҕым дии. Р. Баҕатаайыскай Эппитин кубулуппат үгэстээх. Ону үлэһиттэрэ билэллэр: өрө кэбэ, мөккүһэ барааччылара суох. М. Попов
3 аат тыл #
бэй. туһ. Киһи олоҕун оҥоруута, дьылҕата (куһаҕан өрүттээх буоллаҕына)
Нууччалыы Участь, рок, судьба человека (несчастливая). [Алааппыйа:] Оһоҕостоох буоллуҥ дуо?!
Ситэ кэп - ситэ баттаа диэн курдук. Маппыр дьахтары ситэ кэбэн ылбыт уонна хаарга охторон түһэрбит. Л. Попов Эһэ субу салбаммытынан ситэ кэбэн ылла. Н. Заболоцкай Субу ситэ кэбэн ылыахча буола-буола, туой дубук туттан иһэр. С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
Бу алдьархайы, сааты-сууту оҥоһуннаххын көр эрэ! Ол туох кэбин кэбилэнниҥ? А. Софронов [Сүөкүлэ:] Быстах туох өлүүтэ түбүлээн, бу кэппитин кэбилээтэҕиҥ буолуой? С. Ефремов Уотунан оонньообуттар уоттан охтуохтара, - Гитлер кэбин кинилэр кэбилэниэхтэрэ, Самурай суолун кинилэр суолланыахтара А. Абаҕыыныскай
4 даҕааһын #
суолт. Ынырык, дьулаан
Нууччалыы Страшный, ужасный
Һуу, бу тугуй! Мин баайбын-дуолбун, мүһэ силиитин курдук, собурҕаччы оборон, таһы мэлитэр сэттээх-сэлээннээх кэп кыыла кэлбит быһыылаах... Д. Апросимов Уокка буспут, баралыыс муҥнаабыт, Удьуор кэп дьүһүннээх итэҕэстэр. Квазимодо уонна Дьэгэ-бааба Кинилэргэ [мааскаларга] холооно суох эбиттэр! Чэчир-72. Ама бараммыт буоллаҕай - Биир кэп тыл, биир бөҕө андаҕар? М. Лермонтов (тылб.)
5 аат тыл #
суолт. (тут. түһүк ф-гар хайа ыйыт. солб. ааты кытта) мөлтөх, кыаҕа суох буолан баран, хайа кыаххынан
Нууччалыы Будучи слабым, не имея на то возможности
Хайа кэппитинэн, кимнээх буолан, муустаах буолуохпутуй. Бүгүн бу киһилиин-сүөһүлүүн уулаабакка өрөөтөхпүт.
Суорун ОмоллоонМикииппэрэп кинээс киэҥ олугун хайа кэппинэн ситиэмий? М. Доҕордуурап "Бэйэтигэр дойҕохтоор, - Кыыс Хотун тура эккирээтэ. - Ол эрээри, хайа кэпкинэн киниэхэ этиэххиний?" А. Сыромятникова
6 этии #
Нууччалыы Разделить с кем-л. или чью-л. тяжелую участь. [Даайыс:] Мин сордоох эмиэ эн кэпкин кэтэрим чугаһаан сылдьар, ол эрээри, хайдах да буолтун иһин, хааммын хамнатыам суоҕа
Кэбин кэт - кимниин эмэ биир кыһалҕаҕа түбэс, ким эмэ ыар дьылҕатын курдук дьылҕалан А. Софронов Ийэм эрэйдээҕи билигин дьэ өйдөөтүм. Мин кини кэбин кэтэ сылдьабын. И. Гоголев Ыал элбэх оҕолооҕо - дьол. Бары биһиги кэппитин кэппэтиннэр. ХС
Өссө холобурдар (7)
Кэп туон - 1) бэй. туһ. муҥҥун-соргун, кыһалҕаҕын кутуран эт, сулан (ойуун туһунан). Θ Вещать, причитать о своих мучениях, страданиях, нуждах; каяться в чем-л. (о шамане). Ойуун отуутун иннигэр, хара аас тэллэххэ аҥаар атаҕынан илин диэки тобуктаан, дүҥүрүн тайанан туран, кэп туонар.
П. ОйуунускайКыһыл Ойуун кэп туонар эбэтэр түүлүн кэпсиир ыар ньаҥсык тыллара дорҕооннуун туспалар, оттон кини Кутурҕан Куолуун кэлэр кэскил туһунан ыллыыр үөрүүлээх ырыата адьаһын атын.
П. ОйуунускайОйуун да кутурар, кэп туонар Иччилээх тойугар киирэрэ Оччоҕо "абааһы ыар тыынын Ол тааска иҥэрдэ" - дииллэрэ. С. Данилов; 2) кэмсинэн саҥар-иҥэр, муҥатый. Θ Раскаиваться в чем-л., сетовать, жаловаться на свою судьбу, участь. Өлөөрү сытар киһи тылын, кини кэп туонарын эт сүрэхтээх эрэ, кырдьыга, тулуйуох буолбатах этэ. Н. Якутскай Ханна эрэ сир уһугар көскө баран эрэр киһилии итиччэ дириҥник кэп туонара сүрүкэтин! Эрчимэн. Дьиктитэ диэн баар - атыттардыы кэп туона сылдьыахтааҕар, хом даҕаны түспэппин. ХС Кэп туонуу - 1) бэй. туһ. эрэйдэнэргин, муҥҥун-соргун, кыһалҕаҕын кутуран этии, суланыы (ойуун туһунан). Θ Горький шаманский напев, причитания о собственных страданиях, мучениях; покаяние в чем-л. [Кыһыл ойуун:] (кэп туонуута). Хааннаах далай ытыспынан Хара норуот хараҕын аһан, Көрбөт хараҕын көрдөрөн Көҥүлүн уотун уматыам дуо?!
П. ОйуунускайМуҥур уһугар тиийбит Куосча Ханидуо хабарҕатын муҥунан хаһыытыгар иһиллэр кэп туонууттан ханнык да бэйэлээх кытаанах санаалаах киһи сүрэҕэ хайдыах айылааҕа. С. Курилов (тылб.); 2) кэмсинэн саҥарыы, муҥатыйыы. Θ Раскаивание в чем-л., сетование на свою судьбу. Нууччалыы романс - таптал үтүөтүн-мөкүтүн, аһыытын-ньулуунун барытын билбит, элбэхтэ албыннаппыт-албыннаабыт киһи кэп туонуута. Софр. Данилов. Кини ити саҥатыгар баар дуо кэп туонуу, Кырыыстаах дьылҕаттан кэмсилгэн? М. Ефимов Эдэр поэттар бэйэлэрин айымньыларыгар үгүс санаарҕабылы, кэп туонууну, була сатыы-сатыы муунтуйууну киллэрэллэрэ адьас табыллыбат. "ХС"
7 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, кэ- кээ- - диэн саҕаланар олохторго сыстар: кэп-кэтит, кэп-кэрэ, кэп-кээҕинэс
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на кэ- кээ-: кэп-кэтит, ‘преширокий’, кэп-кэрэ ‘весьма прекрасный’, кэп-кээҕинэс ‘совсем хриплый’
Эриэн тирии бүрүөлээх, Кэп-кэтит тиит мас халҕан Кырыа буолбут иэччэҕин Кыыкыната ыллаттылар. Күннүк Уурастыырап Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт Кэп-кээҕинэс куолаһынан, Киристиэстэн саҕалаан, Киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап Дорҕоонноох кэп-кэрэ куолаһынан ыллаан дуораһытан барда Эрилик Эристиин